Киир

Киир

Оҕо көмүскэлин күнүгэр Үөһээ Дьааҥы улууһун Сартаҥ нэһилиэгин Үҥкүр сэлиэнньэтигэр «Хотугу сулус» оҕо спортивнай-оонньуур былаһааккатын үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

Үүнэр көлүөнэ пуондата «Кэскил туһугар» бырагыраама иитинэн, “Сайдыы” хос бырагыраама чэрчитинэн биллэрбит 2019-2020 сыллардааҕы “Мин былаһааккам” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыайан ,Үөһээ Дьааҥы улууһун Сартаҥ нэһилиэгэ саҥа оҕо спортивнай-оонньуур былаһааккатын туттар кыахтаммыта. Пуонда бу бырагырааматын АЛРОСА быһаччы үбүлүүр.

"Былаһаакка арыллыыта – биһиэхэ улахан үөрүүлээх сонун. Оҕолор уонна төрөппүттэр саҥа дьэрэкээн былаһааккабытын олус күүппүппүт. Биһиги баҕа санаабытын олоххо киллэрэргэ көмөлөспүт дьоҥҥо махтанабыт”, – диэн элбэх оҕолоох ийэ Любомира Слепцова бэлиэтээтэ.

Саха сиригэр бу куонкурус чэрчитинэн быйыл 11 оҕо оонньуур-спортивнай былаһааккатын тутуу үбүлэнэрэ былааннанар.

Санатар буоллахха, Үөһээ Дьааҥы улууһугар Covid-19 дьаҥ бэлиэтэммэтэх буолан, ыраах бөһүөлэккэ былаһаакканы үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы көҥүллэнэн турар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар