Киир

Киир

Дьокуускайдааҕы индустриальнай-педагогическэй колледж “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак иитинэн 31 мөл.солк. суумалаах көлө тиэхиньикэтин атыыласта. Бу туһунан эрэгийиэннээҕи үөрэх министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Индустриальнай-педагогическэй колледж “Молодые профессионалы” диэн федеральнай күрэххэ кыайыылааҕынан тахсыбыт уонна наҕараадаламмыт харчытыгар 12 саҥа үөрэнэр тиэхиньикэни: 4 кыра уйуктаах аптамаат массыынаны, түөрт механика коробкалаах массыынаны, 3 “КАМАЗ” массыынаны, самосвалы, соһор массыынаны (тягач) уонна биир полуприцебы – уопсайа 31 мөл. солк. атыыласпыт.

“Колледж автопааркатын материальнай-тэхэньиичэскэй өттүнэн саҥардыы өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин сайыннарарга кэккэ кылааттарын киллэрэр, таһымнаах оробуочай идэлээхтэри бэлэмнииргэ төһүү буоларыгар эрэнэбит”, - диир үөрэх миниистирэ Михаил Сивцев. “Молодые профессионалы” федеральнай куонкурус Владимир Путин 20214 сылга дылы биллэрбит “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак иитинэн ыытыллар. Санатар буоллахха, бу иннинэ өрөспүүбүлүкэ өссө 3 колледжа саҥа тэрилинэн хааччыллыыга уопсайа 103,7 мөл. солк. федеральнай граннары сүүйбүтэ.