Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэ болдьоммут кэмиттэн эрдэ үлэҕэ киириэн сөп. Маныаха боппуруоһу федеральнай таһымҥа кэпсэппиттэр, диэн СИА иһитиннэрэр.
“Балтараа-икки нэдиэлэ анараа өттүгэр Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллин таһымыгар мунньах буолбута, онно дойду көлөҕө министиэристибэтиттэн биһиги кэллиэгэлэрбит, Өлүөнэни туоруур күргэни 2024 сыл от ыйын 1 күнүгэр дылы тутан бүтэрэр туһунан боппуруоһу көтөхпүттэрэ”,— диэн СӨ Көлөҕө уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев быһа эфир кэмигэр иһитиннэрбит.
Миниистир быһаарбытынан, федеральнай таһымҥа күргэни тутууга сыл устата тутуу матырыйаалын уонна да атын тэхэньиичэскэй бородууксуйаны тиэрдэр кыаллыбатын уонна биһиги тыйыс усулуобуйатын болҕомтоҕо ылбыттар. Онуоха Саха сириттэн туһааннаах этиилэри ирдээбиттэр. “Биһиги манна күргэни тутар ыарахаттардааҕын бэркэ билэбит, кэккэ производственнай процесска ыарахаттар бааллар, ону тобула сылдьабыт. Дойду көлөҕө министиэристибэтин уонна Росавтодору кытары билигин федеральнай үбү ыларга сайаапкабытын уонна тутуу болдьоҕун тэҥҥэ быһаарса сылдьабыт”,— диэн Сивцев тоһоҕолоото. Өлүөнэ күргэтин 2025 сылга арыйар былааннаахтар.