Хаҥалас улууһугар аан бастакы искэн ыарыы көмөтүн амбулаторнай Киинэ арылынна. Бу туһунан улуус дьаһалтата иһитиннэрэр.
“Саҥа Киин Хаҥалас олохтоохторугар искэн ыарыыны эрдэттэн буларга, эмтииргэ төһүү буолуоҕа, ыарыы кыра стадиятыгар кэмигэр булан эмтэнэҕинэ, өлүү да аччыаҕа”, - диэн улуус баһылыгын э.т. Федор Борисов эттэ.
Улууска билигин диспансернай учуокка 424 онко ыарыһах турар. “Химиятерапияны 40-тан тахса ыарыһах ылар. Урут Дьокуускайга онкодиспансерга ылар эбит буоллахтарына, билигин Покровскайга бэйэтигэр ылар буолуохтара, ити ыарыһахтарга олус улахан көмө буолара саарбахтаммат”, - диэн Хаҥаластааҕы киин балыыһа сүрүн бырааһа Ньургун Степанов тоһоҕолоото. Саҥа Киин сэбиэдиссэйинэн онколог-быраас Елизавета Андреева анаммыт. Ыарыһахтар бэйэлэрэ Хаҥаластааҕы киин балыыһа колл-киинигэр 8-800-234-68-91 төл. Эрийэн суруйтаран көрдөрүнүөхтэрин сөп, эбэтэр нэһилиэк биэлсэрдэрэ туһаайан ыытыахтарын сөп.