Киир

Киир

Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы министиэристибэтэ “Уһук Илин гектаара” бырагырааманы Арассыыйа арктическэй эрэгийиэннэригэр тарҕатар туһунан сокуон барылын бэлэмнээбит. Бу туһунан министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Юрий Трутнев бу бырагырааманы Арктика эрэгийиэннэригэр эмиэ оҥоруохха наадатын арктическэй эрэгийиэннэр баһылыктара бэйэлэрэ туруорсубуттарын эппит. Хос-хос сокуону оҥоробокко, номнуо үлэлии турар “Уһук Илин босхо гектаарын туһунан” сокуоҥҥа уларытыы быһыытынан киллэрээри гыналлар эбит. Бастаан утаа босхо гектаары Арктика эрэгийиэннэрин олохтоохторо ылыахтара, онтон ордубутун Арассыыйа хайа баҕарар гражданина ылыан сөп. Маны таһынан, тас дойдуттан көһөн кэлиэн баҕарар урукку Арассыыйа олохтооҕо эмиэ ылар кыахтаныаҕа. Ямал-Ненец уонна Ненецкэй автономнай уокуруктар толору, итиэннэ Красноярскай кыраай, Архангельскай уобалас, Коми уонна Карелия өрөспүүбүлүкэлэрин 23 муниципальнай тэриллиилэрэ киирсэллэр. Оттон Чукотка уонна Саха сирин Арктиката манна киирсибэттэр. Санатар буоллахха, уһук илиннээҕи босхо гектарын 82 тыһ. киһи ылбыт.

Бүтэһик сонуннар