Киир

Киир

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин хоруона хамсыгынан сибээстээн “Бессмертный полк” аахсыйаны эһиил көһөрөргө эттэ.

“Исписэлиистэр уонна быраастар аахсыйаны ыытымаҥ диэн сүбэлиир. Онон бу тэрээһини эһиилгигэ көһөрөргө күһэллэбит. Манны тэрээһиннэри дьон доруобуйатын. Олоҕун олук ууран туран тэрийэрбит табыллыбат”, - диэн Путин бэҕэһээ Керчь куоракка “Залив” суудунаны тутар тэрилтэ үлэһиттэрин кытары көрсүһүү кэмигэр эппит. Аахсыйаны тэрийээччилэр бэрэсидьиэн этиитин өйөөбүттэр. Путин “аахсыйаны аныгыскыга хайаан да өрө күүрүүлээхтик, кырасыабайлык тэрийиэхпит”, - диэн бэлиэтээбит.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар