Киир

Киир

Саха сирин онкологтара дендритнэй килиэккэлэринэн вакцинотерапия диэн сонун ньыманы туһанарга суоттаналлар.

Билиҥҥитэ бу ньыманы уонтан тахса сыл устата Н.Петров аатынан Национальнай мэдиссиинэ чинчийэр киинэ ситиһиилээхтик туһанар. Бу тэрилтэни кытта ЯРОД ыкса үлэлэһэр. Петербург быраастара биһиги онкологтарбытын кытта киһи организмыгар геннай мутация үөскээһинин үөрэтэллэр.

Вакцина киһи бэйэтин имуннай килиэккэлэрэ искэн килиэкклэрин таба тайанан, суох оҥорор кыахтаналларын ситиһэр. Препарат ыарыһах бэйэтин хааныгар олоҕуран бэлэмнэнэр буолан, улахан сиэрийэнэн бэлэмниир кыаллыбат. Уустук процесс гынан баран, бу препарат көмөтүнэн бэл тиһэх ыстаадьыйалаах искэн бохсуллар кыахтаах. Олохтоох хирургтар Петербурга баран босхо стажировкаламмыттар.  ⠀
Онон бу туһалаах ньыма дьиҥ олоххо киириитин долгуйа күүтэр буоллахпыт.

Бүтэһик сонуннар