Өрөспүүбүлүкэҕэ кыстыыр оту бэлэмнээһин былаанын 90 % толорорго сорук турар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Якутия24 ханаалга иһитиннэрдэ.
«Бу сылга 400000 туонна оту бэлэмниир былааннаах этибит. Анал идэлээхтэр ааҕыыларынан, бу былаан 90 % туолуоҕа», — диэн Айсен Николаев эттэ.
Ил Дархан этэринэн, оттооһуҥҥа халлаан туруга уустук балаһыанньаны үөскэттэ. Өрөспүүбүлүкэ киин уонна илин эҥээр улуустарыгар бэс ыйыгар итии, кураан күннэр турбуттара от мөлтөхтүк үүнүүтүгэр улаханнык дьайда.
«Кыстык ото тиийбэт улуустарга анаан билигин үлэлии сылдьар мобильнай биригээдэлэр, өлгөм үүнүүнү ылбыт өрөспүүбүлүкэ атын улуустара хааччыйыахтара, онон кыстыгы этэҥҥэ туоруур инибит», — диэтэ Айсен Николаев.