Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан Аллараа Халыма улууһугар оттук дьыла саҕаланна.
ДьУоХХ филиаллара бары нэһилиэнньэлээх пууннарага хочуолунайдарын үлэлэтэн эрэллэр. Ол туһунан “Колымская правда” хаһыат суруйар.
“Ааспыт балтараа нэдиэлэ устата Аллараа Халыма улууһугар күн-дьыл туруга бэрдэ суох, ардыы турар. Салгын тэмпэрэтиирэтэ +5-10 кыраадыс. Онон оттук дьыла кэмигэр саҕаланна”, - диэн хаһыакка бэлиэтээбиттэр.