Киир

Киир

Депутатскай бөһүөлэгэр “Поисковай” водохранилищеҕа чөлүгэр түһэрэр үлэ уонна хапытаалынай өрөмүөн түмүктэннэ. Бу туһунан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин э.т. Андрей Тарасенко Усуйаана улууһугар үлэлиир. Депутатскайга оробуочай сырыы кэмигэр бөһүөлэк ДьУоХХ уонна энергетика эбийиэктэрин, чуолаан “Поисковай” водохранилещэни көрдө. Соторутааҕыта манна хапытаалынай өрөмүөн уонна чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ түмүктэммиттэр: саҥа турбаны уурбуттар, электириичэскэй ититии систиэмэтэ таҥыллыбыт.

“Төһө даҕаны хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбытын иһин, анардас биир технологическэй турба ситиминэн ууннан хааччыйыы үлэтэ хаһан баҕарар харгыстаныан сөп”, - диэн “Сахаэнерго” үлэһиттэрэ иһитиннэрбиттэр. Билигин ТЭЦкэ паар хочуолун, турбатын уонна көмө буолар тэриллэри өрөмүөннүүллэр. Эһиил энергитктэр саҥа хочуолунай тутуутун бырайыагын ыытарга былаанныыллар.