Киир

Киир

Өлүөхүмэ улууһун Үҥкүр нэһилиэгэр 50 миэстэлээх саҥа оҕо уһуйаана арылынна. Бу туһунан эрэгийиэннээҕи тутуу министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Саҥа уһуйааны үөрүүлээх быһыыга-майгыга балаҕан ыйын 12 күнүгэр арыйбыттар. Саҥа таас уһуйаан баар аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир.

“Бу сырдык, сылаас саҥа таас уһуйааҥҥа кырачаан үҥкүрдэр үөрэ-көтө сылдьыахтара. Саха сирин салалтата маннык бары өттүнэн ирдэбилгэ толору эппиэттиир аныгылыы социальнай эбийиэктэрин тутууга болҕомтону ууралларын биир туоһута Үҥкүргэ эмиэ тиийдэ”, - диэн улуус баһылыга Николай Харбин мустубут дьоҥҥо эппит.

Саҥа уһуйаан уопсай иэнэ — 419,2 кв. м., “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн тутуллубут. Быйыл улууска бу бырагыраама чэрчитинэн үлэҕэ киирбит номнуо иккис эбийиэгинэн буолбут. Уопсайа улууска бу үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн 10 эбийиэк тутуллар: икки оскуола-сад, биир уһуйаан, биир успуорт эбийиэгэ, 4 МФЦ уонна эдэр исписэлиистэргэ аналлаах икки олорор дьиэ. Бу туһунан “Мин Саха сирэ 21 үйэҕэ” хамсааһын салайааччыта Алексей Петров кэпсээбит.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар