“Аллараа Бэстээх-Нерюнгри-Пассажирская” айанньыттары тиэйэр пуойас балаҕан ыйын 15 күнүттэн саөалаан күн ахсын сылдьар буолла. Бу туһунан “Саха сирин тимир суоллара” АУо пресс-сулууспата биллэрэр.
Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыттан пуойас 10 ч. Хоҥнор, Нерюнгрига сарсыарда 4.30 ч. Тиийэр. Оттон төттөрү төннөрүгэр Нерюнгри-Пассажирская ыстаансыйаттан сарсыарда 9 ч. 20 мүн. Хоҥнор, Аллараа Бэстээххэ сарсыарда 5 чаас 2 мүнүүтэҕэ кэлэр.
Пуойаска купе, плацкарт уонна уопсай вагоннар бааллар, маны таһынан эрэстэрээннээх вагон баар. Дьокуускайтан айанныыр дьоҥҥо өрүс вокзалыттан (3-с №-дээх причал) сарсыарда 7 ч. 15 мүн. Трансфер тэриллэр. Трансфер сыаната (катер уонна вокзалга дылы оптуобус) 450 солк. тэҥнэһэр.