Киир

Киир

Бу дьыл от ыйыттан саҕалаан Саха сиригэр 31 суһал көмө массыыналара бэриллибит.

Олортон 11-э – “С” кылаастаах (реанимационнай) уонна 20-тэ – “Б” кылаастаах.

Саҥа массыыналар улахан аҥардара улуустарынан тарҕанар, Дьокуускай куоракка 14 массыына хаалар. Реанимация массыыналара Алдаҥҥа, Мииринэйгэ, Ньурбаҕа уонна Бµлµµгэ барар.

Онон, 11 саҥа массыына от ыйыгар, 14 – балаҕан ыйыгар, 6 – алтынньыга бэриллибит. Элбэх улуус номнуо саҥа массыыналары ылан олорор, оттон бу күннэргэ Өлөөн уонна Алдан балыыһаларыгар тиийиэхтээх.

Бүтэһик сонуннар