Киир

Киир

Уһук Хоту сытар, салгын суолунан эрэ сибээстээх Өлөөн улууһун олохтоохторо хаайтара сыстылар.

“Аэропорты Севера” ФХТ Өлөөннөөҕү филиалын үлэһиттэрэ “биһиги кыһалҕабытын быһаара иликкитинэ, алтынньы 26 күнүттэн үлэбитигэр тахсыбаппыт, оччоҕуна стратегическэй суолталаах аэропорт үлэтэ тохтууругар тиийэр” диэн суоһурҕаныылаах суругу ыыппыттара, социальнай ситимнэринэн видео тарҕаммыта.

Тугу туруорсаллар?

Өлөөн аэропордун үлэһиттэрэ дириэксийэттэн манныгы туруорсубуттар:

  • Үлэ чааһын таһынан үлэлээбит чааспытын 100 бырыһыан төлүүргэ.
  • Түүҥҥү симиэнэҕэ үлэ иһин эбии төлөбүрү төлүүргэ.
  • Бырааһынньык уонна өрөбүл күннэргэ үлэлиирбит иһин 100 бырыһыан төлүүргэ.
  • Хамнаспытын үрдэтэргэ.
  • “Өлөөн аэропорда” филиалыгар үлэһит ахсаанын 35-кэ диэри улаатыннарарга.
  • Регламент быһыытынан нэдиэлэтээҕи үлэ чааһын 40 чааска дылы диэн оннунан хаалларарга.

Бу туруорсуулары алтынньы 26 күнүгэр дылы быһаарбатахтарынан, үлэһиттэр сиргэ үлэ сулууспатын уонна саньытаарынай сорудаҕы толорортон атын атын үлэни тохтотон, аэропорт үлэтин атахтаан, стратегическай суолталаах эбийиэги толору үлэлэппэт буоларга сааммыттар. Кинилэр “эһиги үбү экэниэмийэлиир сыалгытыттан сырыы аайы ыытар сарбыйыыгыт уонна оптимизацияҕыт туһуттан улууска тырааныспарга харгыс тахсар кутталлаах” диэн тоһоҕолообуттар.

Биһиги тута “Аэропорты Севера” федеральнай хааһына тэрилтэтин дириэксийэтигэр тахсыбыппыт. Онуоха “боппуруос барыта эйэлээхтик быһаарыллыбыта, ханнык да собостуопка буолбат, аэропорт урукку киэбинэн үлэлии олорбутун курдук үлэлиир, атын филиалларга барыта этэҥҥэ” диэн хоруйдаатылар.

“Салалта ситэ быһаарбатаҕыттан”

“Тыала суохха мас хамсаабат” диэн бэргэн этии баар. Бүтүн улуус олоҕун харгыстыы сыспыт собостуопка дьон тугу да гынара суоҕуттан, була сатыы-сатыы оҥоһуллубут диэн киһи ылыммат. Онон боппуруоһу сиһилии быһаарарыгар көрдөһөн көлө министиэристибэтигэр тахса сырыттыбыт.

SVM 11 e1588226428354

Владимир Сивцев, СӨ тырааныспарга уонна суол-иис хаһаайыстыбатыгар миниистирэ:

-- Алтынньы 12 күнүгэр “Аэропорты Севера” федеральнай хааһына тэрилтэтин Өлөөннөөҕү филиалын үлэһиттэрэ алтынньы 26 күнүгэр собостуопка оҥоробут диэн иһитиннэриини ыыппыттар этэ. Үлэһиттэр быһаччы үлэни биэрээччигэ – “Аэропорты Севера” дириэктэригэр Владимир Волковка, итиэннэ филиал салайааччыта Алексей Поповка билиһиннэрбэккэ эрэ, тута бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта А.В. Тарасенкоҕа уонна норуот дьокутааттарыгар тахсыбыттар этэ. Андрей Владимирович ыйыытынан, үөскээбит балаһыанньаны быһаарарга биһиги тута үлэни ыыппыппыт. Өлөөн аэропордун үлэһиттэрэ көрүллүөхтээх чаастан таһынан үлэлээбиттэрин иһин эбии хамнаһы төлүүллэрин, бырааһынньыктарга, өрөбүллэргэ үлэлииллэрин иһин төлөбүрдэри, хамнас үрдүүрүн уонна үлэһит ахсаанын элбэтэргэ туруорсубуттара. Ону барытын селекторнай мунньахха этиммиттэрэ. Ити мунньахха дириэксийэ эрэ буолбакка, үлэһиттэр бэйэлэрэ, “Аэропорты Севера” ФКП профкомун бэрэссэдээтэлэ, СӨ авиация үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын рескомун бэрэссэдээтэлэ кыттыылаах ааспыта. Үлэһиттэр 26 чаас үлэлээбиттэрин иһин хамнастара кыччыыр диэн тутах өйдөбүллээхтэр этэ. Биһиги кинилэр санааларын барытын болҕойон истэн баран, сүбэ-ама биэрбиппит, буҕалтыарыйа уонна юристар кинилэргэ хамнас хайдах ааҕылларын туох баар квитоктарын, кибитээнсийэлэрин көрдөрбүттэрэ, үлэ хантараагын, тэрилтэ балаһыанньатын быһааран биэрбиттэрэ. Ити 26 чаас (40 чаас, 35 киһи оннугар 26 киһи үлэлиир) үлэлииллэрэ хамнаска охсубат, тоҕо диэтэххэ, кинилэр хас да ыстаапкаҕа эҥин үлэлииллэр. Быһата, барыларын кытары өйдөтүү үлэтэ барбытын кэннэ, өрүттэр өйдөһөн араҕыстылар. “Аэропорты Севера” салалтатыгар кэнэҕэһин маннык бутуур тахсыбатын диэн, үлэһиттэргэ өйдөтөр, быһаарар үлэ күүһүрүөхтээҕин эппитим.

Бу бэнидиэнньиккэ мин “Өлөөн аэропорда” үлэ кэлэктиибин аатыттан былааннаммыт бырачыас, собостуопка барыларын быһаарыытынан тохтуурун туһунан суругу туппутум. Онон боппуруос сүүс бырыһыан быһаарылынна, барыта хонтуруолга сылдьар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар