Киир

Киир

Уһук Илиҥҥэ бэрэсидьиэн боломуочуйалааҕа - вице-премьер Юрий Трутнев Саха сиригэр хоруона хамсыгын бохсорго эбии мэдэссиинэ тэриллэрин уонна сирисэтибэлэрин биэрэргэ сорудахтаабыт. Бу туһунан кини суруналыыстарга ааспыт бээтиниссэҕэ кэпсээбитин кини аппараатын пресс-сулууспата суруйар.

 Бу иннинэ Саха сирин былаастара дойду бырабыыталыстыбатыгар санитарнай авиацияны сайыннарарга эрэгийиэн бүддьүөтүгэр эбии субсидияны көрөллөрүн туруорсубуттара. Онуоха туһааннаах уурааҕы бэлэмнииргэ полпред дойду доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр сорудахтаабыт. Юрий Трутнев "Саха сиригэр нэһилиэктэр арыттара ырааҕа бэрт буолан, санитарнай авиацията суох хаачыстыбалаах уонна суһал мэдэссиинэ көмөтүн оҥорор кыаллыбат. Ордук хоруона хамсыгын кэмигэр бу итэҕэс көстөн кэллэ. Кырыы сирдэртэн коронавирус анаалыһын ылан баран, лабораторияҕа тиэрдиэххэр дылы 7-8 күн баранар. Инньэ гынан, ыарыһах баалатан кэбиһэр. Онон бу хайысхаҕа доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кытары күүскэ үлэлэһиэхпитин наада. Биһиги эбии быһаарыныыны ылыныахпытын наада: эбии лабораториялары арыйабыт дуу, эбэтэр ыарыһаҕы түргэнник тиэрдэр ньыманы тобулабыт дуу. Анаалыһы 3 күнтэн хойтуппат курдук дьаһаныахтаахпыт", - диэн эппит.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар