Киир

Киир

“Сопки угрюмо спят

Моря свинцовый цвет

На берегу стоят

Баржи колымских лет

Мне бы из бухты той

С чайками улететь

Горькой всплакнуть слезой

И на прощанье спеть” ...

диэн Михаил Круг “Магадан” диэн ырыатын истибиккит буолуо. Бу күннэргэ Горнай кыыһа Кыыдаана Терентьева соҕотоҕун Магадааҥҥа айаннаан кэлбит. Кылгас кэмнээх айаныттан тэттик бэлиэтээһиннэрин “Кыым” ааҕааччыларыгар билиһиннэрэр.

Ыспыраапка:

Магадаан – Магадаан уобалаһын киин куората. 90 тыһ. тахса ахсааннаах нэһилиэнньэлээх сир. Сүрүн омуга нууччалар, маны таһынан украинецтар, эбэҥкилэр, белорустар, коряктар, татаардар, камчадааллар, чукчалар, ительменнэр, коряктар, дьүкээгирдэр, чуваннар олороллор. “Судаарыстыбаннай тыллара” – нуучча. “Магадаан” диэн тыл хантан төрүттээҕэ, туох суолталааҕа билигин даҕаны чопчу биллибэт дииллэр. Ол эрээри хас даҕаны сабаҕалааһын баар. Бииринэн, “монгодан” диэн эбэҥки тылыттан “муора тибиитэ” диэн өйдөбүлтэн тахсыбыт диэн. Эбэтэр “монгот” диэн эмиэ эбэҥки тылыттан “куурбут-хаппыт мастар”, онно элбэх ахсаан сыһыарыыта эбилиннэҕинэ, “куурбут-хаппыт мастар мунньуллубуттара” диэн буолар. Маны тэҥэ былыр Магда диэн дьадаҥы эбээн олоро сылдьыбыт, кини аатыттан төрүттэммит диэн араас санаа баар.

zag

– Маҥнай билсиһиэххэ. Хантан төрүттээххиний?

– Горнай улууһун Бэс Күөлэ сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Хотугулуу-Илиҥҥи университекка үп-экэниэмикэ институтун бүтэрбитим. Дьокуускай куоракка идэбинэн бааҥҥа үлэлии сылдьыбытым, онтон үлэм чэрчитинэн көһөрүллэн, 2019 сыллаахха Өймөкөөн улууһугар үлэлии айаннаабытым. Биир сыл эрэ үлэлиэхтээхпин, онтон ордук уһаабаппын, Дьокуускайга төннүөҕүм диэн соруктаах барбытым даҕаны, хамсык ыарыыта туран хаалан, былааным уларыйда. Бакаа балаһыанньа көнө илигинэ Дьокуускайдаабаппын.

– Бу иннинэ Уус Ньараҕа бара илик буоллаҕыҥ. Хайдах дойду эбитий?

– Мин, алаас, ойуур, толоон оҕото, хайалаах сиргэ тиийэн хаалбытым сонун этэ. Индигиир уонна Ньара өрүстэрин хапсыытыгар турар сир. Ол курдук икки өттүнэн өрүс ааһар уонна модун хайалар тулалыыллар. Өрөбүл аайы хайаҕа ытта барааччыбын. Бөһүөлэктэн 5 км ойууру ааһан баран, ол кэннэ хайаҕа ыттыы саҕаланар. Олохтоохтор хайаны көрө үөрэммит буолан, мин курдук быыс буллулар да, хайаҕа ыттыбаттар. Биир кэм тура-тура хайаҕа тахсарбын бэлиэтии көрөннөр, “хайаҕа туоххун сүтэрдиҥ?” диэн соһуйаллар (күлэр). Өймөкөөҥҥө барыам иннинэ похуокка, айылҕаҕа мээнэ тахсыбат буоларым. Бэл, похуоттуур да таҥаһым суоҕа. Билигин кэлэн соһуйабын. Кыһын буоллаҕына, маннык айанныыр, хайаҕа ыттар сырыым аҕыйыыр буолан, кыһынын, дьэ, тугунан дьарыктанабын диэн сонньуйабын. Уус Ньараҕа кафе, киинэ тыйаатыра суох. Киһи аралдьыйара – хайа, айылҕа.

image16

– Сыана да ыарахан буоллаҕа.

– Дьокуускай сыанатынааҕар ас-үөл 1,5-2 төгүл ыарахан. Ол иһин эрдэттэн кууһунан ылан кэбиһэр ордук. Соторутааҕыта Дьокуускайга кэлэ сылдьан маҕаһыынтан бородуукта бөҕөнү атыыласпытым, сыаната чэпчэки буолан тахсыбыта. Өр баҕайы “тугу умнубут бэйэкэбиний?” диэн толкуйдаабытым, сыананы “атыҥыраабыт” эбиппин. Дьиҥэ, тугу да умнубатах буоллаҕым, чэпчэки буолан тахсыбытыгар соһуйбуппун. Дьиэбин үлэм хааччыйбыта, бэйэм аһыырбар эрэ харчыбын туттабын, онон үчүгэйдээх. Дьокуускайга харчы олус барар эбит. Дьокуускайга “прожиточнай минимум” 16 тыһ. солк. буоллаҕына, Уус Ньараҕа – 20 тыһ. солк. Төһөтүн да иһин, оччо харчы отой кыра буолар. Онно быдан тымныы, ас-үөл, мал-сал сыаната олус ыарахан. Бырайыаһы этэ да барыллыбат.

– Уус Ньара кэлии дьон дойдулара буолуохтаах.

– Бырамыысыланнай куорат буолан, бары кэлиилэр. Саха олох аҕыйах. Бу сайын аймахтарым кэлэн барбыттара уонна “төрүт атын дойдуга тиийбит курдукпут” диэн санааҕа кэлбиттэрэ. Миигиттэн, хата, “хантан сылдьаҕыный?” диэн ыйыталлар. “Горнай улууһуттан” диэтэхпинэ, өйдөөбөттөр. Онон атын эрэгийиэҥҥэ сылдьар курдук барытын сиһилии быһааран биэрэбин. Дьоннуун алтыһарбар мэлдьи “материк” диэн тылы туттааччылар: “поехал на материк”, “купил машину из материка”, “родные из материка” диэн. Билбитим баара, уус ньаралар материк диэн аттынааҕы киин куораттары ааттыыллар эбит. Үксүн Магадааны инньэ дииллэр. Ол “материктарын” көрөөрүбүн, уоппускабын ылан баран, соҕотоҕун Магадаанныырга санаммытым.

magadan

– Магадааҥҥа тугунан айаннаабыккыный? Төһө ырааҕый Уус Ньараттан?

– Таксыынан. Уус Ньараттан Дьокуускайдыырга – 970 км. Оттон Уус Ньараттан Магадаан эмиэ – 900 км. Сыаналара эмиэ биир: сиринэн 9 тыһ. солк. Дьокуускайтан Уус Ньараҕа сөмөлүөтүнэн көтөр 18 тыһ. солк. эбит. Сыана диэтэҕиҥ. Онон, Дьокуускайдыырым оннугар, атын сири көрөөрү, Магадааҥҥа айаннаабытым. Олус үчүгэй суоллаах. 500-чэ км. айаннаан баран, айылҕа ото-маһа уларыйан киирэн барар. Мин Уус Ньараттан араҕарбар мас номнуо хагдарыйбыт, ото ончу суох этэ. Оттон Магадааҥҥа тиийиибэр от-мас саҥа саһаран эрэрэ. 15 чааһынан онно баар буола түспүтүм. Магадааҥҥа диэри үс сиргэ тохтотон аһаталлар. Урут, ол дойду сирэ-уота, территорияны тыырыахтарын иннинэ, сороҕо Саха сирэ этэ. Ол иһин сахалыы ааты-суолу харахтыы сатаабытым да, булан көрбөтөҕүм. Арай бөһүөлэктэр ааттара судургу баҕайы “Ягодный”, “Холодный”, о.д.а. диэбит курдук ааттаахтар.

Халлаана сылаас эрээри, муора кытыыта буолан, тыаллаах. Магадаан бэйэтэ эмиэ кэрэ сир. Куорат киин уулуссата дьобуруопалыы истииллээх, ып-ыраас, дьоно-сэргэтэ эйэҕэс. Былырыын Калининградка айаннаабытым, уулуссаҕа оҕолор улахан баҕайытык “мама, почему у нее узкие глаза?” диэн соһутаннар, дьик гына түһэрим (күлэр). Киин уулуссанан хааман истэххэ, ырыынак арааһа баар. Онно кыһыҥҥы таҥас атыыта-тутуута элбэх этэ. Хата, ырыынактан үтүлүк ылынан хаалбытым. Сыаната быдан удамыр. Ол эрээри, 1500 солк. көстүүнэйгэ туспа хоско олорбутум. Ити сыанаҕа син үчүгэй усулуобуйалаах, туспа дуустаах, туалеттаах сир буолуохтаах этэ. Ол эрээри, барыта уопсай буолан биэрбитэ. Москуба, Владивосток курдук сирдэргэ итиччэ сыанаҕа киһи байылыаттык олорор. Аны атын сиргэ миэстэ суоҕа. “Туох эрэ тэрээһин буолар буолан көстүүнэйдэргит толорулар дуо?” диэн ыйыталаспыппар, “мэлдьи итинник толору буолар” диэн хоруйдаабыттара. Дьиҥэ, ыарыынан да ситимнээн көстүүнэйдэр кураанах буолуохтарын сөбө.

nogaeva

– Ыарыы диэбиккэ дылы, онно-манна киирэри көҥүллүүллэр эбит дуо?

– Мааскалаах, бэрчээккилээх буоллаххына, көҥүллүүллэр. Онно харантыын буола турар ээ дии санаабаккын. Бары холкулар, олорбуттарын курдук олороллор.

– Инньэ гынан ханна-ханна сырыттыҥ?

– 150 солк. ГУЛАГ устуоруйатын түмэлигэр сылдьыбытым. Нэдиэлэҕэ икки эрэ чаас үлэлиир. Онон түбэһэр киһи түбэһэр эбит. Барыаххыт иннинэ, интэриниэт саайтарыттан билсэн, ыйыталаһан баран тиийэр ордук. Киһи кутун-сүрүн баттыыр сир онно баар эбит. Саамай биллэр сирдэрэ – ол түмэл. Мантан атын Магадаан куоракка кэлбит киһи буухталарга сылдьыан сөп. Нагаев буухтата – туристарга анаммыт сир: сөтүөлүүр сирдээх, майаак баар, туристыыр саҥа комплекс тутулла турар. Ыарыы намыраатаҕына, ыалдьыттары көрсөргө бэлэмнэр. Оттон Гентнер буухтата киһи мэннэ сылдьыбат сирэ. Өлүү түбэлтэлээх, сып-сырдык сонноох сылдьыбытым. Ол буухтаҕа тиийбиппэр “манна туохха сылдьаҕыный?” диэн соһуйаллар. Ыраахтан кэлбит киһиэхэ барыта сонун буоллаҕа. Уус Ньараттан хайалаах сиртэн тиийэммин, Магадаан намтаан көстүбүтэ. Мырааҥҥа тахса сылдьыбытым – Магадааны ытыспар тутан ылбыт курдук санаммытым.

gulag

– Магадааҥҥа аҕыйах ахсааннаах омук бөҕөтө баар дии. Биир эмэ омугу көрбүтүҥ, билсибитиҥ дуо?

– Суох, аҕыйах күн сылдьыбыт буоламмын, ханнык да омугу көрсүбэтэҕим. Магадааҥҥа тиийэр буоллахха, уопсайынан, элбэх күҥҥэ суоттанан барыахха наада эбит. Киһи бириэмэлээх буоллаҕына, Черскэй хайаларыгар, Таран тумул майаактарыгар айанныан сөп.

– Салгыы туох былааннааххыный?

– Уус Ньараҕа биир сыл буола барбытым эрээри, уһаан хаалаары гынным. Майгыбынан, биир сиргэ түптээн олорбот киһибин. Доҕотторум “хаалан эрэҕин быһыылаах” диэн дьээбэлииллэр. Билсибит дьонум бары “дьиҥэ, биир сыл үлэлии кэлбиппит” дииллэр эрээри, олорбуттара номнуо бэһис, онус сылыгар барбыт. Мин хаалбаппын. Уус Ньара куһаҕана суох сир эрээри, Дьокуускайга төннүөхпүн баҕарабын. Ыарыы бүтэн, көннөрү олохпутугар этэҥҥэ төннөрбүт буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Хаһааҥҥа диэри маннык хаайтаран, сири-уоту көрбөккө олоруохпутуй. Былаан баһаам буоллаҕа. Арассыыйа куораттарыгар билигин айанныахха сөп эрээри, син биир мааска, бэрчээкки кэтэн, сэрэнэн-сэрбэнэн сылдьыахха наада диэн тоһоҕолоон этэбин.

 

Сардаҥа БОРИСОВА.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар