Киир

Киир

Хатастан Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар туоруур кыһыҥҥы айан суолун бэлэмнээн эрэллэр. Ол эрээри күн-дьыл туруга үлэһиттэри атахтыах курдук.

“Управтодор” тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Семен Сметанин этэринэн, билигин Өлүөнэ өрүс икки кытылыгар үлэ-хамнас тохтообокко ыытыллар. Дьон даҕаны, тиэхиньикэ даҕаны кыдьымаҕы солоон суол таһаарарга бэлэм турар.

Бэдэмистибэ суруйарынан, бу нэдиэлэ бүтүүтэ сатыы дьон өрүскэ киирэн кыдьымаҕы ыраастаан саҕалыахтаах. Ол эрээри тиэхиньикэ мууска хаһан киириэ билиҥҥитэ биллибэт. “Барыта күн-дьыл туругуттан тутулуктаах”, -- диир Сметанин.

Даҕатан эттэххэ, урут баччаларга халлаан биллэ тымныйар буолан, сэтинньи сүүрбэтин эргин дьоҕус массыыналар Хатаһынан Өлүөнэни туоруур буолаллара. Быйыл муус нэдиэлэ курдугунан хойутаан турда. Онон өрүс суола эмиэ хойутаан арыллар чинчилээх.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар