Киир

Киир

Арассыыйа мусульманнарын Духуобунай управлениета “мусульманнар атын итэҕэллээх дьону кытта ыал буолуо суохтаахтар. Биирдиилээн эмэ түгэннэргэ, ону олохтоох муфтий көҥүллүүр буоллаҕына эрэ, ол көҥүллэнэр” диэн дьаһал ылынна.

Ону Духуобунай управление “мусульман эр дьон атын итэҕэллээх дьахталлары ойох ылыыларын түмүгэр, мусульман дьахталлар ыал буолалларыгар эр дьон тиийбэт буолуон сөп. Оттон мусульманка туора итэҕэллээх дьоҥҥо эргэ тахсара Коранынан кыккыраччы бобуллар” диэн быһаарар.

Ислам итэҕэлэ суох дьоҥҥо ити дьаһал туох да улахан суолтата, ис хоһооно суох курдук көстүөн сөп эрээри, сорох эрэгийиэннэргэ ити дьаһал улахан дьайыыланыан сөп курдук. Холобур, дьадаҥы олохтоох-дьаһахтаах ислам эрэгийиэниттэн (Холобур, Таджикистан, Кыргызстан, Дагестан...) эр дьоннорун быһар быһаҕастара атын сирдэргэ үлэлии бараллар. Айылҕа сокуонун уларыппаккын. Ол тиийэн баран атын итэҕэллээх дьахтары ойох ылан олохсуйан хааллахтарына, бэйэлэрин дойдуларыгар хаалбыт дьахталлара ханна баралларый, кимиэхэ наада буолалларый?

Сэҥээриилэр

Алаас Эрхан
+2 Алаас Эрхан 12.11.2020 02:18
Алаас Эрхан , Болгар Ислам Академиятын магистрана.

бу дьаьал каноническай буолар ким ылыныра ылынар, ылыммат ылыммат, государственнай нормативнай акта буолбатах. Россияга бэйэ бэйэттэн тутулуга суох 80- муфтият баар ити олортон биирдэстэрин дьаьала. Муфтият ислам итэгэлигэр туох да сакральнай кууьэ суох тэрилтэ буолар, патриархат курдук буолбатах. иккис тугэн- Киргизия, Узбекистан диэки хайысхата суох дьаьал. ис иьиттэн быьаарсар , боппуруоьу уорэтэр диэн баар, оьуоба итэгэл курдук тонкай дьыалага тугу эмит таьаарыах иннинэ.
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар