Киир

Киир

Хаҥалас улууһун Тиит Эбэтигэр эдэр исписэлиистэргэ аналлаах 4 кыбартыыралаах уопсай дьиэни тутан бүтэрэн эрэллэр.

Бу биир этээстээх, толору хааччыллыылаах олорор дьиэ уопсай иэнэ 216 кв. м., хас биирдии кыбартыыра 54 кв. м. иэннээх, туспа киирэр ааннаах. Улуус баһылыга Олег Иринеев этэринэн, билигин дьиэ ис өттүн гипсокартонунан бүрүйэллэр, ититии турбатын, радиаторы туруораллар, тэлгэһэни тимир олбуордууллар итиэннэ сантехника, монтаж үлэтэ ыытыллар. “Бу саҥа кыбартыыраларга социальнай наймылаһыы дуогабарынан эдэр исписэлиистэр олоруохтара. 1-кы Дьөккөн нэһилиэгэр Тиит Эбэ уонна Хоточчу сэлиэнньэлэрэ киирэллэр. Нэһилиэк улууска тэтимнээхтик сайдарынан үтүө холобурга сылдьар. Манна 3 оскуола, уһуйаан, “Самартай” ТХПК, быраас амбулаторията бааллар. Инньэ гынан, элбэх ыччат үлэлии кэлэр”, - диэн улуус баһылыга кэпсиир. Бу сабыс-саҥа, толору хааччыллыылаах дьиэ бу дьыл ахсынньытыгар үлэҕэ киириэҕэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар