“Ростелеком” хампаанньа Саха сиригэр быйыл балтараа тыһыынча кэриҥэ км усталаах түргэн күүрүүлээх интэриниэт оптоволокно лииньийэтин тарта. Бу туһунан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бу туһунан “Ростелеком” Уһук Илиннээҕи филиалын дириэктэрэ Андрей Логинов Айсен Николаевка отчуоттаабыт.
“Күн сарсын өрөспүүбүлүкэҕэ хатыламмат түгэн тосхойуоҕа. Ол курдук, ыраах Өлөөн улууһугар полярнай эргимтэҕэ аан бастакы оптоволокно интэриниэтэ холбонуоҕа. Өлөөнтөн салгыы Дьилиндэҕэ уонна Анаабыр Сааскылааҕар тардыллыаҕа. Ити “Ростелеком” хампаанньа Саха сирин салалтатын кытары ыарахан инфраструктураны тэрийиигэ күүскэ ылсан үлэлиирбитин туоһулуур”, - диэн Ил Дархан Айсен Сергеевич кэпсээбит.
“Ростелеком” маны таһынан Хаҥалас улууһун саамай кытыы нэһилиэгэр – Иһиккэ оптоволокно лииньийэтин холбоото, Иһиттэн салгыы Өлүөхүмэ диэкки тардыллыаҕа. Маны таһынан, ахсынньы 20-с чыыһылаларыгар “Бүлүү эскпреһэ” Ленскэй Витимгэр холбонуоҕа уонна Кэбээйи эргин тиийиэҕэ. Инньэ гынан, Дьокуускай Витими кытары холбонон, Саха сирин арҕаа эҥээрин кытары бииргэлэһиэҕэ, ол сибээс хаачыстыбатын биллэ тупсарыаҕа. Эһиил хампаанньа Саха сиригэр өссө да киэҥ былааннаах үлэни ыытыаҕа.