“Хатас-Павловскай” өрүс суола бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 3 күнүттэн официальнайдык арылынна. Бу туһунан Управтодор пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Билигин өрүс суолунан 3 туоннаҕа дылы уйуктаах массыыналар сылдьаллара көҥүллэннэ. Муус халыҥаан истэҕин аайы суолга икки балаһа уонна биир резервэ балаһата баар буолуоҕа.