Ньурба улууһун борокуратуурата 26 саастаах уолу суут быһаарыытынан психиатрга эмтэнэригэр туруорсар.
Бу уол Арассыыйа ХК 242 ыст. 3 ч. "б" пуунунан уорбаланар. Ол эбэтэр, кини порнографиялаах матырыйааллары тарҕаппыта биллибит. Силиэстийэ быһаарбытынан, уорбаланааччы бассаапка анаан-минээн бөлөх тэрийбит уонна 4 порнографиялаах видеоматырыйааллары хачайдыылларыгар диэн ыыппыт. Силиэстийэ чэрчитинэн уолга сууд-психиатрия эспэртиисэтэ ыытыллыбыт. Ол түмүгүнэн кини төбөтүнэн хаппата бигэргэммит. Инньэ гынан, борокуратуура кинини суутунан психиатрия балыыһатыгар күһэлэҥинэн эмтэнэригэр модьуйбут.