Кэнники кэмҥэ киэҥник тэнийбит бассаап ситимигэр “Ойуунускай хос көмүллүүтэ” диэн суруйуу күүскэ тарҕанна. (“Чолбон” сурунаал 10-с №-ттэн ылбыттар курдук). Киһи итэҕэйбэт суруйуута, сымыйа суруйуу:
1. Ойуунускай уҥуоҕун көрдүүр хас да бырабыыталыстыбаннай хамыыһыйа тэриллэн үлэлээн турар. Баар информацияны барытын бэрэбиэркэлээбиттэрэ. Ол саҕана маны суруйбут киһи ханна сылдьыбытай, тоҕо тугу да биллэрбэтэҕэй, суруйбатаҕай? Суорун Омоллоон уолунуун Айсен Дойдулуун эмиэ көрдөөн булбатахтара. Мин билэрбинэн, дьэбириэйдэр кылабыыһаларын эргин элбэх киһи көрдөөбүтэ. Кылабыыһа улаата, кэҥии турар, ото-маһа уларыйар, тула тутуу бөҕө барар.
2. 1924 с. Ойуунускай Саха КСК бэрэссэдээтэлэ этэ. ЧОН этэрээтэ 1920-с сс. ыһыллыбыта. Ол эрээри НКВД диэн тэрилтэ баара, бука, кылабыыһаттан киһини хостуулларын, куоракка 2-3 күн балаҕаҥҥа хоннороллорун, 5 аттаах обуоһунан өрүһү туораталларын, 250 биэрэстэни айаннаан тиийэллэрин билиэхтээх этэ. Ойуунускай алааһа – ыраах дойду, киһи массыынанан да күнү күннүктээн айаннаан тиийэр сирэ. Аны аара аттары сынньатыахха, аһатыахха наада. Шеломов суруйарынан, биир күнүнэн тиийбиттэр, уҥуох туппуттар, ол түүн төннүбүттэр. Тоҥ буору хаһыахха, бэлэмниэххэ наада. Ол үлүгэр тэрээһини, бүтүн обуос тиийбитин хайдах ким да билбэтэҕэй? Олус да быһый атахтаах, үчүгэй баайыылаах аттар эбит! Киһи маны хайдах итэҕэйиэй!
3. Ойуунускай сытар кэмигэр хаайыы биэлсэринэн Лот Михайлович Свинобоев диэн Усуйаанаттан төрүттээх киһи үлэлээбит. Ол киһи Ойуунускай тиһэх күннэрин туһунан ахтыы суруйбутун ааҕан, бэчээттэтэн турабын. Онно ЧОН дуу, НКВД дуу дьонун кытта сибээс баара букатын ахтыллыбат, оннук баара эбитэ буоллар хайаан да ахтыа эбитэ буолуо.
4. Сааһыран олорон санаатахха, дьэбириэй оҕонньоро Ойуунускайга хайдах да дьэбириэйдэр кылабыыһаларыгар уҥуох туппатаҕа буолуо. Былыр-былыргыттан дьэбириэйдэр бэйэлэрин кылабыыһаларыгар бэйэлэрин эрэ дьоннорун көмөллөр: биир итэҕэллээх, кинилэр үгэстэрин, олохторун-дьаһахтарын, өйдөрүн-санааларын ылыммыт дьону (дьэбириэй буолбатах киһини) бэрт дэҥҥэ, община эрэ көҥүлүнэн, көмөллөр.
Уларыйа тутуу кэмигэр В.Майер диэн быраабы харыстааччы кэлэ сылдьыбыта, кини көрдөһүүтүнэн, көҥүллэтэн дьэбириэйдэр кылабыыһаларыгар сылдьыбыппыт. Онно кылабыыһаҕа Данилов, Прокопьев, Мелентий Артемьев диэн үс саха киһитэ көмүллүбүттэрин көрөн баран: “Что же вы, якуты такой народ? Даже смогли быть похороненными в еврейском кладбище!”, – диэн аһара сөхпүтэ. Бу дьэбириэй дьахтара ойохтоох, дьэбириэй өйүн-санаатын, үгэстэрин, итэҕэлин ылбыт, дьэбириэй эйгэтигэр элбэх үтүөнү оҥорбут сахалар буоллахтара буолуо. Бэл, НА филиалын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, экэниэмикэ билимин хандьыдаата, бөдөҥ учуонай В.А. Антипин – дьэбириэй дьахтара ойохтоох киһи – бу кылабыыһаҕа кэргэниттэн чугас эрээри олбуор нөҥүө көмүллүбүт этэ. Дьэбириэйдэр кылабыыһалара харабыллаах, үчүгэйдик көрүллэр-харайыллар эбит этэ. Бука, Ойуунускай көмүллэр кэмигэр да маннык бэрээдэк баара эбитэ буолуо...
Таарыйа, “Ойуунускай буор кута” диэн Туймаада буорун таһааран символическай эргиир оҥорбуттарын, Суорун Омоллоон букатын сөбүлээбэт этэ.
Егор Шишигин, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо.