Киир

Киир

Дьиэни-уоту атыыласпыт кэннэ НДФЛ-нан нолуок вычетын ылар судургутуйуох курдук. Бу күннэргэ дойду бырабыыталыстыбата онуоха сыһыаннаах бырайыагы бигэргэппит. Докумуону өтөр Госдумаҕа тиксэриэхтээхтэр.

Ити сокуон бырайыага олоххо киирдэҕинэ, нолуок вычетын ылыан баҕарар дьон Федеральнай нолуок сулууспатын (ФНС) саайтыгар тус сирэйдэригэр киирэн сайабылыанньаны эрэ торор буолуохтара. Атынын барытын көмпүүтэр көмөтүнэн нолуок сулууспатын үлэһиттэрэ оҥоруохтара. Биһиги кинилэр ирдиир докумуоннарын эрэ ыытар буолуохтаахпыт.

Аны туран, дойду премьер-миниистирэ Михаил Мишустин этэринэн, нолуогабайдар киирбит дааннайы-докумуону бэрэбиэркэлиир, ол кэннэ харчыны ыытар кэмнэрэ биллэ кылгыаҕа. Билигин вычет харчытын үс ый күүтэбит.

Санааҕын суруй