Киир

Киир

2020 сыл балаҕан ыйын туругунан, Арассыыйаҕа үлэтэ суох хаалбыт киһи саҥа үлэни, ортотунан, 6,5 ый устата көрдөөн булар. Ол иһигэр, 920 тыһ. сылы сыллаан үлэлээбэккэ сылдьар “идэтийбит” үлэтэ суохтар бааллар. 2020 с. күһүнүгэр Арассыыйаҕа барыта 4,78 мөл. киһи официальнайдык үлэтэ суоҕунан ааҕыллыбыта.

Дьон үлэни саамай өр Карачай-Черкесияҕа көрдүүллэр эбит (10 ый 3 күн устата), салгыы – Чечняҕа (9 ый 29 күн), Хотугу Осетияҕа (9 ый 8 күн), Забайкалье кыраайыгар (9 ый), Кабарда-Балкарияҕа (8 ый 25 күн). Бу ааҕыллыбыт эрэгийиэннэри “саамай элбэх үлэтэ суох киһилээхтэр” диэххэ сөбө буолуо. Дьон саамай түргэнник үлэни Санкт-Петербурга, Ленинград уобалаһыгар, Москубаҕа, Аллараа Новгородка, Татарстаҥҥа булаллар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар