Былырыын бэс ыйыгар Дьокуускай куоракка Автодорожнай уулуссаҕа турар дьиэ үһүс подъеһыгар үс кыбартыыраннан дьиэ эркинэ хайа барбыта.
1983 сыллаах тутуу, икки этээстээх таас дьиэҕэ 18 кыбартыыра баара. Салайар хампаанньа кэмигэр сөптөөхтүк канализация тиһигин, булууһу дьаһайбатаҕыттан сылтаан дьиэ сууллубут буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар. Ол чахчытынан холуобунай дьыала көбүтүллүбүтэ. Дьиэ олохтоохторун көһөртөөбүттэрэ. Аны туран, бу дьиэҕэ 5 ипотеканнан ылыллыбыт кыбартыыра баар эбит. Онуоха "Сбербанк страхования" кинилэргэ страховка түгэнин билиммэккэ, дуогабар быһыытынан страховканы төлүүртэн батынан кэбиспитэ. Ити туһунан СМИ-гэ суруйбуттарын кэннэ, страховкалыыр тэрилтэ "Дьон ыарахан балаһыанньаҕа түбэспитин өйдөөн, холуобунай дьыала түмүгүн кэтэспэккэ туран, страховканы барыларыгар төлүүр буоллубут, бу күннэргэ төлөбүр тиийиэҕэ", - диэн иһитиннэрдэ.