Киир

Киир

Быйыл өтөрүнэн буолбатах уһун тымныы күннэр тураллар. Онон оттуллар оһохтоох дьон устар күнү быһа оһох инниттэн арахпаттар.

 Куорат Намныыр суолугар турар "Северный" микроройуоҥҥа олорор Николаевтар дьиэ кэргэнигэр дьокутааттар чох атыылаһан көмөлөспүттэр. Николаевтар 9 оҕолоохтор, олортон 4 оҕону иитэ ылбыттар. Ил Түмэн дьокутааттара Мария Христофорова, Дмитрий Семенов уонна Иван Андреев Николаевтарга чоҕу ыларга харчы хомуйан биэрбиттэр, оттон чоҕу тиэйтэриини Валерий Лютый уйуммут.

Биир массыына чох 7 тыһ. солк., ону даҕаны биэс эрэ күҥҥэ тиийэр эбит. Оттон тоһуттар тымныыларга оһох быыстала суох тигинэччи оттуллар.

Бүтэһик сонуннар