Олунньу 11 күнүгэр интэриниэтинэн түөкүннээһин саҥа схематын туһунан иһитиннэрии күөрэйбитэ. Эмсэҕэлээбит киһиэхэ кимэ биллибэт киһи "салалтам сорудаҕынан эрийэбин" диэн төлөппүөннээбит.
Ол кэннэ эмсэҕэллээччи биир дьахтардыын суруйсубут. Онно кини "бу дуоһунаһы ыларгар сулууспалаах сөбүлэҥин ылыаххын наада, чопчу эйигин талалларыгар 600 тыһ. солк. ыытыахтааххын" диэбит. Онуоха түөкүттэр угаайыларыгар киирэн, эмсэҕэлээччи көрдүүр харчыларын ыыппыт. Ити чахчытынан ИДьМ процессуальнай бэрэбиэркэни ыыта сылдьар.
"Якутск вечерний" бүгүҥҥү нүөмэригэр суруйбутунан, эмсэҕэлээччи, куруук буоларын курдук, ханнык эрэ боростуой эмээхсин буолбакка, өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин миниистирин солбуйааччыта эбит! Миниистир солбуйааччыта - Марьяна Маркова диэбиттэр. Марковаҕа түөкүттэр Москуба бырабыыталыстыбатыгар үөрэх департаменыгар үрдүк дуоһунаһы "атыылыы" сатаабыттар. Үрдүк чыыннаах чунуобунньук дьахтар хайдах маннык угаайыга киирэн биэрбитин уонна, уопсайынан "дуоһунаһы атыылаһыы" төһө сөптөөҕүн Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтата бэрэбиэркэни ыытар.