Киир

Киир

Дьахтар аймах ханнык баҕарар эйгэҕэ миэстэтин булунар. Аныгы үйэҕэ эр дьон түмсэр сиригэр – баһаарынай сулууспаҕа, ис дьыала уорганыгар, бэл, аармыйаҕа, кэрэ аҥаар биллэрдик элбээтэ. Бүгүҥҥү дьоруойум өссө милииссийэ саҕаттан нэһилиэнньэ нус-хас олоҕун араҥаччылыыр эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьар. Эдьигээн улууһун ис дьыалаҕа отделын силиэстийэҕэ бөлөҕүн начаалынньыга, юстиция подполковнига Елизавета Ефимовалыын Дьокуускайга уоппускатыгар кэлэ сылдьар кэмигэр көрсөн кэпсэттим.

Дьахталлартан биир бастакынан кэлбитим

– Кэлэн иһэр сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан, Елизавета! Байыаннай киһиэхэ түбэспиччэ, быһа бааччы тиэмэбитигэр киириэххэ. Милииссийэҕэ кэлииҥ хайдах этэй?

– Кыра эрдэхпиттэн милииссийэ үлэһитэ буолуохпун баҕарарым. Ол кэмҥэ ити идэҕэ уһуйар үөрэх суоҕун кэриэтэ этэ. Уонна учуутал аҕам туйаҕын хатарар сыал-сорук туран, оскуола кэнниттэн СГУ педагогическай факультетыгар киирбитим. Нуучча тылын учууталынан түөрт сыл үлэлээбитим. Икки кэлиҥҥи сылбар Чурапчы Хатылытыгар улахан кылаас оҕолорун түмэн, “Эрэл” диэн кулуубу тэрийэн, араас хайысхалаах тэрээһиннэри ыыппытым. Онно быраап эйгэтин эмиэ таарыйарым, улуус ис дьыалаҕа отделыттан үлэһиттэри ыҥыран кытыннарарым. Биир күн сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор иниспиэксийэлэригэр үлэҕэ ыҥырбыттара. Бастаан утаа оскуоланы бүтэрэр кылаастаах буоламмын, аккаастаммытым эрээри, үс нэдиэлэнэн өссө төгүл ыҥырбыттара. Кэлин санаатахха, ыҥырар дуоһунастарыгар үөрэҕи таһынан үлэбинэн бэлэм киһи эбиппин. Онон оҕолорбун киэҥ аартыкка атааран баран, 1992 сыл атырдьах ыйыгар саҥа үлэбэр көспүтүм. Аҕам “өттүгэр бэстилиэттээх кыыс диэн дьикти да баҕайыта...” эрэ диэн хаалбыта.

– Аан бастаан ылсыбыт дьыалаҕын өйдүүгүн дуу?

– Милииссийэҕэ киирбит хас биирдии сайабылыанньа быһаарыллыахтаах. Саҥа үлэһит остуолга олорооппун кытта кырыы нэһилиэккэ оскуола оҕолоро биир саастыылаахтарын атаҕастаабыттарын туһунан үҥсүүнү быһаарарга сорудахтаабыттара. Оҕолор сокуоннай саастарын туола илик буоланнар, холуобунай дьыала тэриллибэт, аккаастаныллар. Оччолорго көмпүүтэр диэн суох. Хос иһигэр баар биир массыыҥкаҕа бастаан улахан дуоһунастаахтар үлэлииллэрэ. Саҥа дьон ыкса киэһэ эрэ тиксэрбит. Аны туран, ис дьыала уорганын тиэрминнэрэ уратылар. Дьэ, ол тиэкиһин суруйуу баар этэ улахан илистиилээх үлэ!

– Ити кэмҥэ ис дьыала отделыгар кэрэ аҥаардар саҥа кэлитэлээн эрэллэрэ. Эр дьону кытта үлэлиир хайдах этэй?

– Мин үлэҕэ киириэм инниттэн Галина Баишева младшай силиэдэбэтэлинэн үлэлиирэ. Сотору эспиэр-криминалиһынан Бүлүү кыыһа Марина Иванова кэлбитэ. Иккиэн дьиэ куортамнаһан олорбуппут. Кыыһым бастакы эспэртиисэттэн кэлэн, быһылаан хаартыскаларын бэчээттииригэр доҕор, илии-атах буоларым. Өлбүт дьон хаартыскатын көрөр бастаан утаа дьулаан этэ.

Чурапчы отделын дьиэтэ саҥаларга киирсэрэ. Биһиги иннибитинээҕи састаап эт илиитинэн туппут этэ. Учаскыабай уолаттары салла көрөрүм. Нэдиэлэ биир күнүгэр нэһилиэктэн мусталлара. Бары лётнай саппыкылаахтар, синиэллээхтэр, бөдөҥнөрө-садаҥнара да сүрдээх. Дьиэбит иһэ үллэҥнэс буола түһэрэ. Актыбыыс бөҕө этилэр. Оччолорго сылга биирдэ нэһилиэктэри кэрийэн, үлэбитин отчуоттуурбут. Отчуот кэнниттэн олохтоохтору кытта успуорт көрүҥнэригэр күрэхтэһэрбит. Киэһэтин үгэс быһыытынан тэриллэр кэнсиэр хуорунан түмүктэнэрэ. Байыаннай куормалаах дьон ньиргиччи ыллыылларын көрөр астык буолара. Илин эҥээр оройуоннар отделлара эмиэ көрсөн күрэхтэһэрбит. Ити кэлин адьас суох буолла.

Оттон ыйытыыга хоруйдаатахха, эр дьону кытта үлэлиир судургу, чопчу. Эр дьон эйгэтигэр куомуннаһыы, нууччалыы эттэххэ, интрига суох. Ордук-хос хамсаныыта суох барыта “лоп” курдук өйдөнөр, быһаарыллар.

– Ити кэмҥэ ис дьыала үлэһиттэрэ буруйу оҥоруулара бүтүн дойду үрдүнэн үрдээн, милииссийэ аптарытыата биллэрдик доҕолоҥнообута. Ол эйиэхэ хайдах биллибитэй?

– Дойду үрдүнэн бүттүүн ыһыллыы биһиги да эйгэбитигэр биллэн ааспыта. Биирдиилээн буруйу оҥоруу баар бөҕө буоллаҕа. Үлэттэн уһуллуу да баара. Ол эрээри үгүстэр үлэлээбиппит курдук үлэлии сылдьыбыппыт. Билигин бэрээдэк кытааппыта харахха тута быраҕыллар.

3

Киһи уйана-хатана биллэр түгэнэ элбэх

– Үлэҕэр сыһыаннаах өйгөр-сүрэххэр дириҥник иҥмит быһылаан туох этэй?

– 1996 сыл кулун тутар 14 күнүгэр төрөөбүт дойдубар – Одьулууҥҥа – 17 ыччат олоҕун илдьэ барбыт баһаары тыыннааҕым тухары умнубатым биллэр. Билигин даҕаны харахпар көстөр, кулгаахпар иһиллэр курдук. Өрөбүлүм этэ. Ааны тоҥсуйбуттарыгар арыйбытым – СПТУ вахтёра атах сыгынньах кэлэн турара. Дэриэбинэ үрдүнэн халлаан кып-кыһыл буолбут этэ. Эдьиийбиниин сүүрэн тиийбиппит. Түннүгүнэн оҕолор ыстаналлара, ким эрэ түннүккэ чугаһыы-чугаһыы төттөрү түһэрэ... Көрүөх бэтэрээ өттүгэр икки этээстээх дьиэ күл-көмөр буолбута, оҕолор уокка былдьаммыттара...

Сорох үлэһиттэр тыыннаах ордубут дьонтон быһаарыы ыларга сорудахтаммыттара. Мин хас да киһини кытта өлүктэри быһаарыыга анаммытым. Умайбыт сиртэн дьон өлүгүн чаастарын булан аҕалалларын бэлиэтээн, иһиттэргэ угуталаабыппыт. Киһи нэһиилэ тулуйар үлүгэригэр икки нэдиэлэ курдук түүннэри үлэлээбиппит. Өлүктэртэн ылыллыбыт матырыйааллар отделга аҕалыллан, дьиэ иһигэр өргө диэри ыар сыт турбута. Өлүктэри сыымайдааһын кэнниттэн аны балыыһаҕа сытар оҕолортон хос-хос быһаарыы ылбыппыт. Эдэр дьоҥҥо олус ыарахан күннэр-дьыллар этилэр. Киһи саныан баҕарбат...

– Учаскыабайдар салайааччыларынан үлэлээбитиҥ уратыта тугуй?

– 1999 сыллаахха анаммытым. Улуус үрдүнэн бэрээдэги кэһиини, буруйу оҥорууну нэһилиэктэринэн анаалыстааһын, сэрэтэр эриэйдэлэри тэрийии үлэтэ. Сылынан, нэһилиэнньэ туругунан, ахсаанынан көрөн ырытыллар. Сокуоннай саастарын туола илик оҕолор дьыалаларын иниспиэктэрин, оперативнай боломуочунай, дознаватель, паспортист, саа көҥүлүн иниспиэктэрин, ГАИ сотруднигын үлэлэрин хайысхаларын олоччу барытын хабан үлэлиир исписэлиис. Олус интэриэһинэй үлэ этэ. 12 учаскыабайдааҕым. Уолаттарым бэйэ-бэйэлэригэр эриэйдэ тэрийсэллэрэ, бииргэ ылсан үлэлииллэрэ. Олус тэрээһиннээх, эйэлээх этибит.

– Тоҕо чуолаан дьахтар киһини салайааччынан анаабыттара буолуой?

– Милииссийэ аҥаардас тутар-хабар, сойуолаһар эрэ үлэни толорбот. Сурук-бичик, докумуон, анаалыстааһын үлэтэ хара баһаам. Дьахтар ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тириэрдэр. Уһуннук олорон хасыһары, кичэйэн бэлиэтиири сатыыр. Милииссийэҕэ чопчу дьахтар киһи кэпсэтэрэ, быһаарсара наада буолар дьыалалар эмиэ бааллар. Кыргыттар үчүгэйдик ыталлар, бойобуой да бэлэмҥэ куһаҕана суохтар.

– Ити кэмҥэ туох буруй элбэхтик оҥоһулларай?

– Олох-дьаһах айгыраабыт кэмэ буолан буолуо, уоруу элбэҕэ. Тимир буочукатыгар, саһаан маһыгар, мууска тиийэ уоруу баара. Сопхуос пиэрмэтин дьиэлэрин куорҕаллааһыны этэ да барбаккын. Отдел начаалынньыгар уонна ГАИ-га эрэ массыына баара. Онон тыраассаҕа түбэһиэх массыынаҕа олорсорбут, сатыы сылдьарбыт.

Быраабы билии хайаан да наада

– Силиэстийэ үлэтигэр туох санааттан көспүккүнүй?

– Хас да сулууспаҕа үлэлээн баран, “арай силиэстийэҕэ ылыстахпына хайдаҕый?” диэн санаа киирбитэ. Онон 2005 с. бэйэм баҕа өттүбүнэн силиэдэбэтэл буолбутум. Силиэстийэ бөлөҕүн салайааччынан Ольга Федотова, ыстаарсай силиэдэбэтэлинэн Сардаана Другина үлэлииллэрэ. Халааһын, күлүгээннээһин, эти-сиини эчэтии, суол быһылаана курдук дьыалаларга элбэхтик сылдьыбытым. Бастакы сырыыбар урут сууттана сылдьыбыт дьон ааһан иһэр суоппарга саба түспүт, дьону өлөрөрүнэн куттаабыт дьыалаларыгар үлэлээбитим. Киһини суукка киллэриэх иннинэ көҥүлүн быһыы болдьохтоох. Ити биэс сиринэн хаайылла сытар дьоҥҥо хас биирдиилэригэр силиэстийэлиир дьайыылары билиһиннэрэр, албакааттарыгар иһитиннэрэр, тылбаасчыттары алтыһыннарар үлэни балачча ыарырҕаппытым. Кэлин ыстаарсай силиэдэбэтэл буолбутум. Онтон түөрт сыллааҕыта силиэстийэ начаалынньыгынан Тааттаҕа, Аллараа Халымаҕа, Эдьигээҥҥэ барарга эппиттэригэр үсүһүн талбытым.

– Дьахтар диэн сэнээһин баар буолааччы дуо? Уйулҕа үөрэхтээҕин, арыт артыыс да оруолугар киирии баара буолуо дии саныыбын.

– Бэриллибит сорудаҕынан буруйдааҕы булан, буруйун дакаастаан, суут иннигэр туруоруу – силиэдэбэтэл быһыытынан соругум. Сорох буруйданааччылар аанньа ахтыбаттыы сыһыаннаһаллара баар бөҕө буоллаҕа. Дьыаланы орун-оннугар ууран, буруйу дакаастаан киирэн бардаххына, балаһыанньа, сирэй-харах уларыйар. Бастакы кэпсэтииттэн ким туох олохтооҕо, майгылааҕа ырылхайдык көстөр. Аан бастаан түбэһээччини, төрөппүттэри арыт уоскутар аакка бараҕын. Оттон хаайыылааҕы кытта кини таһымыгар кэпсэтэр эмиэ наада буолааччы. Балаһыанньа, түгэн араас. Нэһилиэнньэ сокуону билбэтэ биһиги үлэбитигэр ыарахаттары үөскэтэрэ эмиэ баар. Урукку курдук, оскуола саҕаттан быраабы билиигэ оскуолаҕа биридимиэттэр бааллара буоллар. Билигин илиинэн-атаҕынан буолбакка, илэ өйүнэн оҥоһуллар буруй элбээтэ. Үөрэхтээх да дьон сиэртибэ буолаллар. Онон быраап өттүгэр билии хайаан да наада.

– Итинник үлэ доруобуйаҕа охсоро буолуо...

– Улаханнык саҥарбаппын эрээри, бөҕөхпүн. Сыл аайы ИДьМ саньытаарынай чааһыгар сынньанан, доруобуйабын бөҕөргөтүнэбин.

– Эдьигээҥҥэ урукку өттүгэр сылдьыбытыҥ дуо?

– Адьас үктэнэ илик этим. Чурапчыга саҥа таас дьиэттэн тиийбит киһиэхэ кыра мас дьиэ ыараханнык көстүбүтэ. 34 киһилээх дьоҕус отдел дьоно билигин миэхэ олус чугастар. Түөрт нэһилиэктээх улуус 4000 нэһилиэнньэлээх. 100-200 килэмиэтир тэйиччи турар нэһилиэктэргэ сылдьар ыарахан. Суол-иис мөлтөх. Сайынын өрүс суола баар. Сүрүннээн, эт-хаан эчэйиитэ тахсар.

Эдьигээн дьоно олус элэккэйдэр, үлэһиттэр, актыыбынайдар. Кэнсиэр, күрэхтэһии бөҕө ыытыллар. Суут, борокуратууура, баһаарынай сулууспа, полиция туһунан хамаанда туруоран, күрэхтэһэбит.

Идэбин уларытар санаа киирбэтэҕэ

– Отучча сыл тухары атын үлэҕэ көһөр санаа суоҕа дуо?

– Атын да эйгэҕэ, холобур, оскуолаҕа, үлэлиэм эбитэ буолуо. Ол эрээри бу идэбин олус сөбүлүүбүн. Көһөр туһунан санаабатах да эбиппин.

– Полиция үлэһитэ буолан, сүүйтэрбитиҥ баар дуо?

– Бу эйгэҕэ кэлиэм иннинэ муодунай таҥаска, киэргэлгэ олус интэриэстээх этим. Бастаан утаа ону наһаа суохтаабытым. Дьахтар буоламмын, арыт сиэдэрэй таҥас кэтиэхпин, хобулукка дугуйуохпун, араас киэргэли иилиниэхпин баҕаран кэлэбин. Онон ити чааһыгар сүүйтэрдим (Күлэр). Билигин силиэдэбэтэл буоламмын, көҥүл таҥас көҥүллэнэр эрээри, хааччах син биир баар.

– Урукку милииссийэттэн билиҥҥи полиция уратытын туохха көрөҕүн?

– Хамнаһа үрдээтэ. Таҥас-сап, тиэхиньикэ биллэрдик тубуста. Ханна да буоларын курдук, кумааҕыга түһүү, бүрүкүрээтийэ буолла. Хааччах наһаа элбээтэ. Сотрудник кыраныысса таһыгар тахсара көҥүллэммэт, уоппускатыгар тиийбит сиригэр бэлиэтэниэхтээх, төлөпүөнүн хайа да кэмҥэ араарыа суохтаах. Урукку дьон эппиэтинэстээх, кириитикэни ылынар, билинэр буоллахтарына, билиҥҥи үлэһиттэр уйаннар, чараастар, ыгымнар. Ити эмиэ кэм психологията буолуо. Ирдэбил улааппыта да салыннарар. Ону тэҥэ дьону кытта тыыннаах алтыһыы суоҕун тэҥэ буолла. Уруккуга тэҥнээтэххэ, эйгэ барыта уларыйдаҕа. Ол сиэринэн биһиэхэ да уларыйыы үгүс.

– Тус олоххун билиһиннэр эрэ.

– Кыыс оҕолоохпун. Икки сиэннээхпин. Наар оҕобун уонна үлэбин өрө тутан кэлбит эбиппин. Биир байыаннай киһи холугар үлэбэр да, тус олохпор да ситиһиилээхпин. Онон кэмсинэрим суох.

Оксана ЖИРКОВА

кэпсэттэ.