Киир

Киир

Ааспыт сырыыга Дагестаҥҥа сырыым туһунан суруйбутум http://kyym.ru/sonunnar/obshchestvo/6545-k-nneekh-dagestan-sakha-khara-ynan. Онтон күннээх Дагестаҥҥа анаан-минээн түүр тыллаах аймахтарбытыгар – ногайдарга – ыалдьыттыы диэн барбытым. Бу иннинэ Карачай-Черкес Өрөспүүбүлүкэтигэр олорор ногайдарга тиийэ сылдьыбытым, ол туһунан икки сыллааҕыта суруйан турабын. Онон бу сырыыга Кавказ хайаларын анныгар, Ногай истиэбигэр түҥ былыргыттан олохсуйбут, Дагестан элбэх норуотун кытары сэргэстэһэ олорор ногайдар хайдах дьаһанан олороллорун илэ харахпынан көрөөрү, эт кулгаахпынан истээри, Дагестан Ногайскай оройуонун киинэ Терекли-Мектеб диэн сэлиэнньэлэригэр тиийэ сырыттым.

Дагестан ногайдара

Ногайдар баай устуоруйаларыгар тохтуу барбакка, билиҥҥи туруктарын туһунан тугу билбиппин суруйуом. Арассыыйаҕа 103 тыһ. ногай баар. Олортон саамай элбэх ногай – 40407 – Дагестаҥҥа олорор: Ногайскай, Тарумовскай, Кизлярскай, Бабаюртовскай оройуоннарга уонна Махачкала чугаһыгар, Сулак бөһүөлэгэр (5 тыһ. тахса). Саха сиригэр бүтэһик биэрэпиһинэн 357 ногай олорор эбит. Дагестан уонна ыаллыы Чечня Шелковской оройуонугар олорор ногайдар бэйэлэрин “караногайдарбыт” дииллэр. Карачаево-Черкесия ногайдарыгар холоотоххо, Дагестан ногайдара үкчү сахалыы сирэйдээхтэр (биир бэйэм алтаайдарга уонна казахтарга ордук чугаһаттым),онон кинилэр быыстарыгар олох дьиэм курдук сананан сырыттым. Карачаево-Черкесия ногайдара сирэйдэринэн-харахтарынан Кавказ омуктарыгар майгынныыллар. Ногайдар Дагестаҥҥа “төрүт олохтоох норуоттар” диэн официальнай ыстаатыстаахтар, онон тыллара эҥин билиниллэр, үөрэтиллэр.

Бөрөҕө сүгүрүйэллэр

nogay ethnic flag 118047 2216

Миигин Махачкала аэропордуттан Терекли Мектебкэ диэри илдьээри эдэр киһи көрсүбүтэ. Аэропортан тахсан баран, аргыспар “мин таҕыстым, массыынаҕын хайдах булабыный?” диэн эрийэбин. Онуоха киһим “массыынам капотугар кынаттаах бөрө уруһуйдаммыт, холкутук булуоҕуҥ” диир. Ногайдар 90-с сылларга гиэрбэлэригэр Ногай Ордатыттан илдьэ кэлбит халлаан диэки хайыспыт кынаттаах бөрөнү иилбиттэр. Суоппарым Эдиге (эпостарыгар хоһуйуллар бухатыыр аатынан) “Хас биирдии ногай суоппара Арассыыйа суолларынан айаннаан иһэн, массыынатыгар бөрө сыһыарыллыбытын көрдөҕүнэ, хайаан даҕаны эҕэрдэлэһэн, сыгынааллаан ааһар, инньэ гынан 100 тыһ. ногай баарбытын биллэрэбит” диэн кэпсиир. Бөрө түүр мифологиятыгар улахан суолталааҕын бары да билэр буолуохтааххыт. Ногайдар “көк бөрү” (“күөх бөрө, халлаан бөрөтө”) дииллэр. Махачкалаттан Терекли Мектебкэ диэри тиийэҕин, тыала, тымныыта тута биллэр. Чечня Шелковской оройуонун иһинэн ааһаҕын, Грознайга диэри 100-тэн эрэ тахса км. Чечня кыраныыссатыгар блокпост бөҕөтө турар, тохтотон бэрэбиэркэлииллэр. Аны туран, федеральнай суолларга олохтоох ДПСтары туруорбаттар эбит, атын эрэгийиэннэртэн хомондьуруопкаҕа кэлбиттэри туруораллар. Биһигини тохтоппут полиция үлэһитин Эдиге “бу киһи ааспыкка итиригэ, суолтан түһэн турар этэ” диэн кэпсиир. Терекли Мектебкэ чугаһаан истэхпитинэ, хараҥа истиэп быыһыгар, массыына фаратыгар, мин көрдөхпүнэ, хой сүүрэн иһэр курдук, суоппарбар “ол хой дуо?” диибин. Эдиге “ити эргин кошара (хойдору хаайар сир) баарын баар, ол эрээри бачча хойут көҥүл сылдьыа суохтаах этэ” диэн баран тохтоото, онтубут отой да бөрө оҕото сылдьар эбит! Мин, хаһан да тыыннаах бөрөнү көрбөтөх буолан, уолуйан хаалан, хаартыскаҕа түһэриэхпэр диэри дьылыс гынан хаалла. Эдиге “ийэтэ хайаан да баара буолуо, маныыбыт дуо?” диир. Миигин дьон кэтэһэн эрий да эрий буола олорбуттара, онон тардыллыахпын баҕарбакка “кэбис, салгыы айанныахха” диэтим. Терекли Мектебкэ тиийэн баран, ити түгэни кэпсээбиппэр “көр, түүр бырааппыт кэллэ диэн, халлаантан бөрөбүт илэ бэйэтинэн түһэн эҕэрдэлии көрүстэ дии” дэстилэр. Онон таҥараҕа тиксибит саҕа сананан, ногайдар баай остуолларыгар ааһа турдум...

Агроэтнотуризм

451241df f525 41d9 9a8e 354f69b56fe2

Ногайдар билигин “3 мөл. нэһилиэнньэлээх, элбэх омук тоҕуоруһан олорор өрөспүүбүлүкэтигэр норуот быһыытынан ордон хааларбыт бэйэбититтэн эрэ тутулуктаах” диэн бигэ өйдөбүллээхтэр. Онон халлаантан туох эрэ кэлэрин кэтэһэн олорбокко, төрүт үгэстэрин сөргүтүүгэ олус көхтөөх дьон эбиттэр. Миигин Гульзара Эсмухамбетова диэн эдэрчи дьахтар маанылыыр дьиэтигэр (гостевой дом) көрүстүлэр. Гульзара “Дагестаҥҥа туризм күүскэ сайдан эрэр, араас туур бөҕөтө баар, ол эрээри ыалдьытымсах истиэпкэ, ногайдарга сыһыаннаах туох да суох, ол иһин бэйэм ылсарга санаммытым”, – диир. Кини самнархай чайнойуттан билигин икки мэндиэмэннээх, киэҥ-куоҥ уһаайбаны туттубут, онно агроэтнотуризмы сайыннарар: ногай куукуната, түмэл, сад, тэбиэннэр, үндүүктэр, сылгылар, кыракый бибилэтиэкэ... Ногайдар истиэпкэ барааннарын хайдах көччүтэллэрин, тэбиэни хайдах харайалларын, төрүт астарын хайдах астыылларын: орбуустан барыанньа (олус минньигэс, ол эрээри аатын умнан кэбиспиппин), кымыһы хайдах тэптэрэллэрин, күрлеме диэн бараан оҕотун этин дьаама хаһан чоххо буһаралларын уо.д.а. астаан, амсатан көрдөрөллөр. “Мин чахчы үлэлиирбин көрөн, салгыы сайыннын диэн, былаастар субсидия биэрбиттэрэ – 200 тыһ. солк. Ытыспын тоһуйан баран сырсарбын сөбүлээбэппин, онон көмө кэтэһэ барбакка, кирэдьиит ылан, дьиэбин атыылаан туран туттубутум. Билигин атахпытыгар турдубут, арай хамсык мэһэйдээтэ”, – диир. Гульзара ийэтэ ногай фольклоруттан толоруутун истэ-истэ ногайдыы чэйи (үүттээх, ынах арыылаах, туустаах уонна мускат эриэхэлээх, киһи утаҕын начаас ханнарар, чабааннар сөбүлүүр чэйдэрэ), толору астаах сандалыга (ногайдар ыалдьыты остуолтан туруорбаттар, бу олорон иһэн эмиэ ыҥыраллар, аккаастанары ылымматтар) маанылаатылар. Бу маннык агроэтнотуризм көрүҥүн биһиги тыаларбытыгар сайыннарыахха баар эбит дии санаатым.

Байыаннай репортёр

unnamed 1

Миигин Ногайскай оройуоҥҥа кэллиэгэм, ногайдар “Истиэп куолаһа” (“Шоьл Тавысы”) диэн хаһыаттарын эрэдээктэрдэрэ Эльмира Кожаева көрсүбүтэ. Эльмира Кожаева – “За заслуги перед Отечеством” 2-с истиэпэнэ мэтээллээх, “Дагестан кыһыл көмүс бөрүөтэ” наҕараадалаах, байыаннай биэнсийэлээх, Дагестан Норуодунай Мунньаҕар дьокутааттыы сылдьыбыт, хорсун санаалаах, биир сиргэ түптээн тулуйан олорбот, дьиҥнээх суруналыыс. Эльмира Юнусовна 1999 сыллаахха Дагестан Цумадинскай, Ботлихскай уонна Новолакскай оройуоннарыгар уонна Чечняҕа Ичкерия боевиктара саба түспүттэригэр байыаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан үлэлээбит. Кини суруйууларын “The Guardan”, “The Sundаy Times” эҥин курдук аан дойду биллэр хаһыаттара бэчээттээбиттэрэ. Эльмира Юнусовна, биллэн турар, оччотооҕу хаан тохтуулаах ыар сэриини эргитэрин сөбүлээбэт. Кини – Шамиль Басаевка хонон турбут хорсун дьахтар. Миэхэ биир интэриэһинэйи кэпсээтэ: “Дагестаҥҥа Кадарскай зонаҕа хомондьуруопкаҕа сырыттым. Онно биир бэйэм курдук азиаттыы сирэйдээх уол одуулуурун бэлиэтии көрдүм уонна киниэхэ утары тиийдим. Аймаҕыргыы көрүстэхпит дии. Саха уола эбит. Мин “ногайкабын, Дагестантан сылдьабын” диэтим. Киһим үөрэ түстэ уонна “мин бу иннинэ Ногайскай оройуоҥҥа сылдьыбытым ээ” диэн кэпсээтэ уонна ыга кууста. Ити туһунан дьоммор кэпсээтим. Мин оччолорго Махачкалаҕа олорор буоламмын, билбэт эбиппин. Онтум Терекли Мектебкэ баар байыаннай чааска саха саллааттара базаланан сыппыттар эбит. Кинилэр Кавказка бэйэлэрин курдук сирэйдээх, аймахтыы түүрдэри булуохпут диэн санаабатахтар даҕаны. Олус соһуйбуттар үһү. Биһиги дьахталларбыт уолаттарын курдук көрсөн, аһатан, ийэлии истиҥ сыһыаннарын көрдөрбүттэр. Саха уолаттара барахсаттар ийэлэрин көрсүбүт курдук сананан, харыс үрдээбиттэр. Оттон Ичкерия боевиктара, биһиэхэ саха ОМОНнара, снайпердара түһэ сыталларын истэн, ыраах хайаларга куоппуттар. Онон биһигини аймахтарбыт, саха уолаттара, быыһаан тураллар, кинилэргэ махталбыт муҥура суох. Маннааҕылар саха уолаттарын билиҥҥэ диэри бэрт истиҥник ахталлар. Дьиҥэ, мин эйигин Ногай истиэбигэр үктэммит бастакы саха буолуо дии санаабытым, онтум Терекли Мектебкэ Владимир диэн саха уола олохтоох ногайканы ойох ылан, манна 30-ча сыл олорон баран, Москуба дуу, Питер дуу диэки көспүттэр эбит. Араспаанньатын олох таһы-быһа умнан кэбиспиппин”, – диэтэ.

Хамсык туруга

Дагестаҥҥа хоруона хамсыга дойду үрдүнэн саамай сиэртибэлээх ааспытын, ордук бастакы долгун охсуулаах буолбутун истибит буолуохтааххыт. Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 30414 киһи ыалдьыбыт, олортон 1370 киһи суорума суолламмыт (биһиэхэ кулун тутар 16 күнүнээҕи туругунан 33152 киһи ыалдьыбыт, 586 киһи өлбүт). Дьиҥэ, 3 мөл. нэһилиэнньлээх эрэгийиэн холугар кыра курдук даҕаны, өлүү улахана бэрт. Оттон Ногайскай оройуон Дагестан үрдүнэн саамай улахан көрдөрүүлээх, аҥаардас сыл саҕаланыытыгар 18 тыһ. нэһилиэнньэлээх оройуоҥҥа 28 киһи өлбүт, уопсайа 500-тэн тахса киһи суох буолбут. Дьон бастаан утаа вакцина ылартан кыккыраччы аккаастаммыт эбит буоллаҕына, дьон өлүүтэ аһара баран, билигин вакцинаны ыларга уочарат турбут, саҥа баартыйа кэлэрин кэтэһэллэр эбит.

“Айланай”

833457

Терекли-Мектебкэ ногайдар “Айланай” диэн судаарыстыбаннай фольклорнай-этнографическай ансаамбылларыгар ыалдьыттаатым. Бу ансаамбыл 1986 сыллаахха бастаан утаа тыа сирин самодеятельнай ансаамбыла буолан тэриллибит, онтон үрдээн судаарыстыбаннай ансаамбылга кубулуйбут. Ансаамбылы Сраждин Батаров диэн ногай билиҥҥи интэлигиэнсийэтин бэрэстэбиитэлэ, олус ытыктыыр киһилэрэ тэрийбит. “Айланай” диэн сахалыы “Ыйы эргийэ көт” диэн тылбаастанар. Бу ансаамбыл ногайдар өссө ислам итэҕэлин ылыныахтарын инниттэн төрүт түүрдүү языческай итэҕэллэрин саҕаттан илдьэ кэлбит үгэстэрин, култуураларын көрдөрөр баар-суох баайдара. Олох түҥ былыргы үҥкүүлэрин, ырыаларын, эпостарын, хомустарын киэҥ эйгэҕэ таһаарар, “биһиги Улуу Ногай Ордатын сыдьааннарабыт” диэн түөскэ охсунардыы биллэрэр, этэргэ дылы, култуураларын тута сылдьар суос-соҕотох ансаамбыллара. Артыыстар Олоҥхо тыйаатырын туһунан билэллэр, “биһиги Саха сиригэр сылдьыахпытын баҕарабыт да, үппүт-харчыбыт суох, дьиҥэ, уруурҕаһарга, уопут атастаһарга баҕалаахпыт ээ” дэһэллэр. “Айланайдар” миэхэ анаан Сюйюмбике, Кадрия үҥкүүтүттэн, сүктэр кыыс дьиэтиттэн араҕар үгэһин быһа тардан көрдөрдүлэр.

Ногай акыына

DSC 0320

“Ногайстан” диэн этнокафеҕа ногай култуурунай интэлигиэнсийэтин бэрэстэбиитэллэрин кытары көрүстүм.Ногай норуотун суос-соҕотох ордон хаалбыт акыына Алибий Романов диэн истиэп дорҕоонун санатар, домбра доҕуһуоллаах, эпостарын толорор киһи “мин төрүтүм – канглы бииһин ууһа, Саха сиригэр хаҥаластар баалларын билэбин, арааһа, мин аймахтарым буолуохтаах” диир. Кинини домбраҕа ийэтэ оонньуурга үөрэппит, оттон дьахтар домбраны баһылыыра олус сэдэх көстүү эбит. “Домбра – киһи тембригэр майгынныыр, барсар суос-соҕотох муусука үстүрүмүөнэ, төһө да улаханнык дуораһыйдар, эн куоласкын саба баттаабат” диир. Биһиги таҥсырбытыгар, кырыымпабытыгар (кыл кобыз) майгынныыр үстүрүмүөннээхтэр эбит. Алибий Романов хас да уолу акын буоларга уһуйа сылдьар. “Ногайстаҥҥа” олордохпутуна анаан-минээн миигин көрсөөрү Ногай оройуонун баһылыга Мухтарбий Аджеков “ыраах Саха сириттэн аймахпыт ыалдьыттыы кэлбитин хайаан да көрүстэхпинэ сатанар диэммин, бу аҕыйах мүнүүтэҕэ илии тутуһаары киирдим” диэн ааттаан-суоллаан киирэ сырытта.

Түмэл

DSC 0299

Ногайдар кыраайы үөрэтэр түмэллэрин сэбиэдиссэйэ Каирбек Бальгишиев ногайдар баай устуоруйаларын туһунан кэпсээтэ.

c3ef3c6b 4cff 4f3c 8505 5d29f06e188e

Ону барытын сурукка тиһэн эһиэхэ кэпсиирим кыаллыбат. Кини “аймахтарбыт казахтар биһигини “казахтар сыдьааннара” диэн ааттыыллар уонна баарбытын-суохпутун барытын бэйэлэригэр суруналлар. Манна эспэдииссийэҕэ кэлэн баран, улахан үлэни суруйбуттар этэ уонна барытын “бу биһиэнэ”диэн түмүккэ кэлбиттэр, быһата, устуоруйабытын суруна сатыыр кэмэлдьилээхтэр, ону кытары сэриилэһэртэн соло булбаппыт. Ол иһин билигин эспэдииссийэҕэ тиийиэхпит этэ эҥин диэтэхтэринэ, кыккыраччы аккаастыы олоробут” диир. Түмэлгэ суоруна, балбал (түҥ былыргы көмүүгэ эпитафия суруктаах, киһи быһыылаах таас), хомус арааһа уо.д.а. эспэнээт элбэх. Ногай дворянскай ууһа Юсуповтар аҕа ууһун төрүттээччи Юсуп туттубут тэриллэрэ көрдөрүүгэ тураллар. Ногайдар сэрииһит омук буолан, түмэлгэ сэрии сэбэ-сэбиргэлэ элбэх. Олортон күн бүгүҥҥэ диэри илдьэ кэлбит сэрии сэптэрэ – камча – уктаах кымньыы. Камчаны уол оҕо төрөөтө да, өрбүтүнэн бараллар эбит, оттон дьахтар төрүүрүгэр хайаан даҕаны аҕатын камчатын ыйыыллар үһү. Камча уһуна 40 см, онно илии тутардаах буолар, тирииттэн өрүллүбүт, ол өрүүлэрэ эриэн-үөнү санатар. Камча тириитин кыччаабыта үс нэдиэлэ иһигэр бэлэмнииллэр эбит. Тутар сиригэр хайаан даҕаны тамҕа – аҕа ууһун бэлиэтэ – ууруллар.

DSC 0309

eff644eb 45b1 4492 87c6 8a9b9aa2071b

e0839e9a 4614 4651 9459 2bb5f68b8394

DSC 0297

“Олус бохсон эрэллэр”

“Төрөөбүт тылгытын харыстыырга тугу гынаҕытый?” диибин.     Дьонум “кырдьыгынан эттэххэ, кэнники сылларга оҕолорбут бэйэбит да билбэппитинэн нууччалыы тыбыыра сылдьар буолаллар, оттон дьиэбитигэр бары ногайдыы кэпсэтэбит ээ” дииллэр.   Онуоха ногай тылынан аныгы оҕону интэриэһиргэтэр контент интэриниэккэ суоҕун этэллэр. “Биһиэхэ үлэ суоҕунан сибээстээн, олус элбэх ыччаппыт атын эрэгийиэннэргэ – Сургукка, Тюмеҥҥа, Уренгойга – бараллар. Оттон онно – нууччалыы эрэ эйгэ, онон оҕолорбут нуучча буолан хаалаллар, ол иһин биһиги адият (мусульманнар быраабылалара) курдук булгуччу сиэннэрбитин истиэпкэ ыытаҕыт диибит уонна төрүт үгэспитигэр сыһыарабыт, ногайдыы эрэ кэпсэтэбит, планшеттарын аны күһүҥҥэ диэри былдьаан ылабыт”, – дииллэр. Ол үтүө түмүктэммит. “Эйгэ олус элбэҕи быһаарар, ол иһин бэйэбит култуурабытын, үгэспитин сайыннара сатыыбыт. Дьиэҕэ өбүгэ эйгэтэ баар буоллаҕына, тылбыт сүтүө суоҕа”, – дииллэр. Билигин интэриниэт сайдан, ногай ыччата дойдутуттан тэлэһийэ да сылдьан, ногайдыы кэпсэтэрэ элбээбит, Турцияҕа олорон ногайдары кытары алтыһаллар үһү. “Уонча сыллаахха диэри өлбүт киһини көмөргө хайаан да от уматан буруолатар этибит, оттон билигин духовенство ону күүскэ бохсор “исламныы буолбатах” дииллэр. Оттон биһиги былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит үгэспит этэ буоллаҕа. Онон ыччат бутуллара элбээтэ. Тойдорбут (уруу киэһэлэрэ) мусульманыы, дьобуруопалыы ыытыллар буоллулар” диэтилэр. Онон олохтоох духовенствоны кытары ити чааһыгар киэҥ кэпсэтиини ыытыахтарын баҕараллар үһү.

Муммут ыччат

90c83fa8 433a 4059 a971 5a41a03c70ae

90-с сылларга ногайдар национальнай өйдөрө-санаалара саҥалыы уһуктан, силигилии сылдьыбыт кэмэ эбит. Оттон 2000 сыллардаахха радикальнай ислам күүһүрэн, аҕыйах ахсааннаах ногайдарга эмиэ охсуулаах буолбут. Эльмира Кожаева “кэнники уонча сылларга биһиги оройуоммутуттан 36 ногай ИГИЛ (*Арассыыйаҕа бобуулаах террористар бөлөхтөрө) өттүгэр сэриилэһэ барбыттара. Кинилэри өйдөрүн сүүйэн, ырай олоҕун эрэннэрэн баран, бэйэлэригэр албынынан сыһыарбыттар. Булкуллубут уолаттарбыт дьиэ кэргэттэрин “Турцияҕа үчүгэй үлэ көһүннэ, онно көһөбүт” эҥин диэн көөчүктээн илдьибиттэригэр, боевиктарга сыстан хаалбыттар этэ. Ити 36 уолтан биир эрэ уол эргиллибитэ, ону даҕаны Арассыыйаҕа киирээтин кытары тутан ылан хаайбыттара, 25 сылга уураахтаабыттыра. Оттон атыттар ханна баалларын Аллах эрэ билэр”, – диир. Эльмира Юнусовна бу иэдээни тохтотор туһуттан бэйэтэ кирэдьииккэ киирэ-киирэ икки чаастаах документальнай киинэни устубут эбит. Ол – Ютубка баар.

Кумах куйаарга кубулуйуу

b773e713 471b 45cc ab3c a93128303aca

Көрсүбүт дьоммуттан “билигин эһигини ордук туох долгутарый?” диэн ыйытабын. Бары кэриэтэ “Сир” диэн биир тылынан хардараллар. Ногай оройуона – 9000 кв. км. иэннээх. Сүрүн дьарыктара – тыа хаһаайыстыбата, ордук мэччирэҥинэн сүөһүнү иитии сайдыбыт. Мэччирэҥинэн сүөһүнү иитии хаһаайыстыбатыгар 2,5 мөл. хой уонна коза, 165 тыһ. ынах сүөһү уонна 3,2 тыһ. сылгы баар эбит! Сэбиэскэй саҕаттан “Грозненская” (уратыта – намчы түүлээх, элбэх эттээх) диэн племенной хойу тутан хаалбыттар. Онтуларын этин, түүтүн Ираҥҥа тиийэ экспордыыллар эбит. Ногайскай оройуон Дагестаҥҥа аграрнай хайысхаҕа биир бас-көс суолталаах оройуон буолар. Салгыы сайдыахтарын биир саамай төбө ыарыыта буолбут кыһалҕалара атахтыыр эбит – мэччирэҥнэрэ кумах куйаарга кубулуйан иһэр. Өҥ хочолоох Кизляр мэччирэҥнэрэ олох куура хатан барбыттар. Онон онто да суох кыараҕас сиргэ олорор норуот отой да сирэ суох, бедуиннар олохторун укулаатын тутан хаалар турукка киирбиттэр. Онон мелиорация боппуруоһа олус сытыытык турар. “Былаастарбытыгар кумахха көмүллэн эрэбит диэн хаста да этэ сатаатыбыт, болҕомтоҕо отой ылбаттар, арай билиҥҥи баһылыкпыт Федерация Сэбиэтигэр ити боппуруоһу көтөхтө” дииллэр. Мин бара сырыттахпына, Дагестан АССР тэриллибитэ 100 сылын көрсө Федерация Сэбиэтигэр улахан дэлэгээссийэ “Дагестан күннэрин” ыыта барбыт этэ. Биллэн турар, истиэп биир сыл иһигэр кумах куйаарга кубулуйбатах. Олохтоохтор “хайа норуоттарын түһэртээннэр, истиэпкэ ынах-сылгы сүөһү, хой, осел, коза эҥин туох да хара баһаам буолбута, урут биһиги бэйэбит эрэ эрдэхпитинэ истиэби сынньата-сынньата мэччитэрбит, онон сирбит сынньанан, өрө тыынан ылар этэ. Оттон ити хайа норуоттара көс омук буолбатахтар, наар биир сиргэ тураллар, онон сирбит сынньаммакка кумахха кубулуйда” дииллэр. Ити экологическай иэдээнтэн тахсарга сири сынньатыы, үүнээйилэри сөргүтүү, уопсайынан агромелиоративнай үлэ күүскэ ыытыллыан наада эбит, онуоха үлүгэрдээх үп эрэйиллэр, оттон нэһиилэ тиийинэн олорор Дагестан ону кыайан уйунар кыаҕа суох. Онон ногайдар Москубаҕа эрэнэллэр. “Аны 5-10 сылынан истиэппит Сахараҕа кубулуйар кутталлаах, оччоҕуна хайдах буолабыт?” диэн айманаллар. Аны туран, кэнники сылларга сөҥүү олох түспэккэ сор бөҕөтүн көрдөрбүт. Мин тиийиэм аҕай иннинэ хаһан да буолбатах тымныы күннэр турбуттар – түүнүн -17 буола сылдьыбыт, хаар бөҕө түспүт. “Эн биһиэхэ тымныыны аҕаллыҥ, хата, хаар түһэн, харахпыт сырдаата – истиэппит барахсан өрө тыынна” дэстилэр. Билигин истиэпкэ сир анныттан тахсар уулара кытары уолбут, онон мэччирэҥ сирэ суох буолан иһэр. “Сайын устата истиэпкэ биир да хой хаалыа суохтаах, кинилэри хайа диэки көһөрүөххэ наада, итиэннэ саҥа уу скаважинатын хаһар уолдьаста. Сир сынньаныахтаах”, – дииллэр. “Төбө ахсаана бас баттах элбээтэ, онон бэйэбит эмиэ сирбитин учуоттаан ахсааммытын аччатыахпытын наада” дэһэллэр.

a067a911 2dcd 40ce 9ee9 87c81f7164c1 1

Маны таһынан, ногайдар өрөспүүбүлүкэ салайар уорганнарыгар бэрэстэбиитэллэрэ биллэ аччаабытын, талааннаах ыччаттарын бас-көс үлэҕэ чугаһаппаттарын этэллэр. Кадрия диэн аатырбыт поэтессаларын аатын сүгэр оскуолалара самнан түһэрэ чугаһаабыт эбит, онон оскуола тутуутун туруорсаллар. Ити тылларыттан сэрэйдэххэ, кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэ былаастара аймахтыы ногайдарбытыгар соччо-бачча болҕомтону уурбатахтар быһыылаах, арай саҥа баһылыктара үтүө хараҕынан көрүөхчэ үһү.

***

Олус ыалдьытымсах, боростуой майгылаах, хорсун санаалаах, биир түүрдүү хааннаах аймахтарбыт, ногайдар барахсаттар, өссө да сайдан, үүнэн, көтөн иһиҥ!

Дмитрий ИВАНОВ, Дьокуускай-Терекли-Мектеб-Дьокуускай.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар