Киир

Киир

"Почта России" Саха сиринээҕи салаатыгар таһаҕаһы тиэрдиигэ диэн 47 саҥа массыына кэллэ. 

Олор истэригэр  —  ыарахан уйуктаах таһаҕаһы тиэйэргэ аналлаах ГАЗон NEXT мааркалаах хас да массыына,  ГАЗ «Соболь», Ford Transit, УАЗ уонна Лада Ларгус массыыналар бааллар. Бу саҥа көлөлөр куорат, улуустар уонна эрэгийиэннэр икки ардыларыгар таһаҕаһы тиэйиигэ сүүрүөхтэрэ. Почта Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Петр Птицын "көлө пааркатын саҥардыы почтаны кэмигэр, түргэнник тиэрдиигэ төһүү буолуоҕа. Билигин бу болуоссаттан 9 УАЗ ыраах сытар улуустарга айанныахтара", - диэтэ.

Почта массыыналарын саҥардыы былырыыҥҥыттан саҕаламмыта. Күннэтэ "Почта России" автопааркатыттан өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар 170 массыына айаҥҥа турунар. Кинилэр уопсайа 118931 км усталаах 430 почта маршрутунан сүүрэллэр, сылга 4,5 мөл. км айанныыллар. Суола-ииһэ мөлтөх, кый ыраах нэһилиэктэргэ 350 почта салаата баар. Саамай уһун маршрут — Дьокуускай-Ленскэй, манна 12 күн айанныыллар.