М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка кулун тутар 29 күнүттэн сыыйа-баайа күнүскү, олоҕурбут ньыманнан үөрэтиигэ киирэн саҕалаатылар. Бу туһунан ХИФУ пресс-сулууспата суруйар.
"Орто үөрэххэ үөрэнэр устудьуоннары киллэрэн туран, күнүскү үөрэххэ 12 тыһ. көһөрө былааннанар. Билиҥҥитэ ХИФУ колледжын устудьуоннара дистонционнай ньыманнан үөрэнэ сылдьаллар. Үөрэх бырагыраамата толору бэриллэр. Үөрэх кыһата күнүскү үөрэххэ көһөр туһунан бирикээһи кулун тутар 5 күнүгэр таһаарбыта", - диэн иһитиннэриигэ суруллар. Үөрэх чааһыгар проректор Алексей Голиков иһитиннэрбитинэн, сорох лиэксийэлэр дистанционнай ньыманнан ыытыллар, оттон быраактыка дьарыктара лабораторияларга күнүскү эрэсииминэн ыытыллар. Инньэ гынан билигин университекка устудьуоннары уопсайга киллэрии бара турар. Билиҥҥитэ уопсайдарга 2,7 тыһ. устудьуон киирдэ. Уопсайдарга салгыны ыраастыыр рециркулятордар, термометрдара, санитайзердар турбуттар. Санатар буоллахха, ХИФУ хамсыгынан сибээстээн устудьуоннары былырыын кулун тутар 16 күнүттэн дьиэҕэ олорон үөрэтиигэ ыыппыта.