Биир уһук төлөбүрэ 1500 солкуобай буолар.
Салгын сыттыктаах катердар – «Хивустар» Дьокуускай - Аллараа Бэстээх хайысханан пассажирдары тиэйиини саҕалаатылар, диэн иһитиннэрэр “ЛенаВодСервис” салайааччыта Борис Строев.
Биир уһукка айан төлөбүрэ 1500 солкуобай. Катердар күн ахсын 202 микрооройуон кытылыттан (куорат пляһыттан) хоҥноллор. Үлэлиир бириэмэлэрэ сарсыарда 7.00. чаастан киэһэ 19.00. чааска диэри.
Строев этэринэн, пассажир билиҥҥитэ аҕыйах.
«Бүгүн күн устата баар-суоҕа үс эрэ киһини тастыбыт. Уоннааҕылар массыынанан сылдьалларын ордороллор, кыһыҥҥы суол сабыллыбытын үрдүнэн», - диэн этэр кини.
Эрдэ бэлиэтэммитин курдук, Дьокуускай – Аллараа Бэстээх кыһыҥҥы суол муус устар 19 күнүгэр сабыллыбыта.