Киир

Киир

Бу – Сунтаар улууһун уонна алмаастаах Мииринэй оройуонун кыраныыссаларын аттыгар баар сир. Икки оройуону араарар Оччугуй Ботуобуйа үрэх уҥа салаата.

Айанньыттар бу сири нууччалыы «Черная речка» диэн аатынан билэллэр.Чугас сытар буолан, Мииринэйтэн дьон кустуур-хаастыыр, мас көтөрдүүр сирдэрэ этэ. Бэл куртуйах, улар бааллара.Ону быраканьыардар үнтү ньыһыйан тугу да хаалларбатахтар.Билигин ол диэки тураах да дааҕыргаабат.Даҕатан эттэххэ, сүрдээх кэлиилээх-барыылаах сир.Манан «А 331 Бүлүү» федеральнай суола ааһар.Нэлээт үрэҕэ саас халааннаатаҕына, туох да сүрдээх күүстээх барылҕаннанар.Бүөт Бөтүрүөп саҕана тутуллубут күргэ сыыһын туллаҥнатан, илдьэ барыах курдук буолааччы.

Манан Бүлүү федеральнай суола ааһар

Аҕыйах сыллаахха диэри, Кириэстээх уҥуоргу кытылыттан(Халаабыс аартыга) Оччугуй Ботуобуйаҕа диэри, 115 биэрэстэлээх сири Мииринэйдээҕи суолу тутар управление, атыннык эттэххэ МУАД дьаһайан олорбута.Онтон аукциоҥҥа кыайан, бу суолу кэнники сылларга «Сунтаравтодор» хонтуруоллуур.Буолумуна даҕаны, сунтаардар бэйэлэрин сирдэрин өрө туппатахтарына ким туругурдуой?Итинэн сиэттэрэн, урут болҕомтоҕо ууруллубатах Нэлээт үрэҕин күргэтин өрөмүөнэ «Сунтаравтодорга» сүктэрилиннэ.Үлэлэр саҕаланан эрэллэр. Күн-дьыл хаамыытын, халлаан уларыйыытын аахсыбака, суолу тутааччылар тэтимнээхтик үлэлииллэрэ ирдэнэр.

Станислав Алексеев, Мииринэй куората.