Горнай улууһун Бэрдьигэстээх уонна Маҕарас нэһилиэктэригэр устудьуоннар тутар этэрээттэрэ XXI Манчаары Оонньууларыгар сири-уоту тупсарыыга үлэлэрин саҕалаатылар. Уопсайа 40 байыас хомулунна. Национальнай көрүҥнэргэ Спартакиада кэмигэр волонтердары үлэҕэ тардыахтара, кинилэр 100 % быһыыны ылыахтара. Ол туһунан иһитиннэрдэ ыччат дьыалатыгар уонна социальнай тутууларга миниистири солбуйааччы Александр Сусоев.
«Устудьуоннар тутар этэрээттэрэ бэс ыйын 7 күнүттэн үлэлэрин саҕалаатылар. Кинилэр сүрүннээн Бэрдьигэстээх уонна Маҕарас сэлиэнньэлэринэн бааллар. Биир ый устата тупсарыынан дьарыктаныахтара – хаарбах тутуулары үрэйиинэн, олбуор тутуутунан, кыргыттар көҕөрдүүнэн дьарыктаналлар. Оройуон дьаһалтата Спартакиада иннигэр, маннык төһүү күүс кэлбититтэн үөрэр», - диэн иһитиннэрдэ Александр Сусоев.
Ыччат дьыалатын уонна социальнай тутуулар министиэристибэлэрин оробуочай хамыыһыйата оробуочай хамыыһыйата этэрээттэр олорор эбийиэктэрин, аһылыктарын тэрээһинин көрдө-иһиттэ, барыта ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир.
«Манчаары Оонньууларын кэмигэр 175 волонтеру ыҥырыахпыт, быһыыны 100 % ыллылар, бары саастарын сиппит ыччаттар. Саха сирин оройуоннарыттан 30 бэйэлэрин баҕа өртүлэринэн көмөлөһөр дьон баар. 20 киһи Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн, уоннааҕылар - араас үөрэх тэрилтэлэрин устудьуоннара, олохтоох ыччат Кинилэр көмөлөрүнэн Манчаары Оонньууларын бары хайысхаларыгар туһаныахтара, барыларыгар анал таҥас, ас-үөл көрүөхтэрэ, оттон кэлии ыччаттар олорор сиринэн хааччыллыахтара», - диэн бэлиэтээтэ миниистири солбуйааччы.
Санатабыт, национальнай спорт көрүҥнэригэр XXI Спартакиада Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр от ыйын 6-11 күннэригэр ааһыаҕа.