Киир

Киир

Күн бүгүнүгэр диэри, Мииринэй куоратын кытары, Сүлдьүкээр сэлиэнньэтэ суола суох олорор.

 

Светлэй бөһүөлэгиттэн Сүлдьүкээргэ диэри айан суолун бүтэрэллэрин туһугар өссө да биир көстөөх сири кутуохтарын, дьаптайыахтарын наада.

Олус өр, тоҕус сыл устата, бу отут биэрэстэлээх суолу туттулар! Дьэ кыһыылаах!

Мииринэй курдук өрөспүүбүлүкэҕэ муҥутуур кыахтаах, астаах-үптээх оройуон, Сүлдьүкээргэ диэри быыкайкаан айан суолун кыайан боһойбокко олороро хомолтолоох.

Аны, суол дэриэбинэҕэ диэри тилэри тиийэрин туһугар, Бүлүү өрүскэ түһэр икки үрэҕи – Сүлдьүкээркэни уонна Куукуйдааҕы күргэлиэхтэрин наада.

Куукуйдаах үрэҕин хаартыскаҕа көрөҕүт.

Сүлдьүкээркэ мантан быдан улахан.

Бу үрэхтэр хайалаах систэртэн саҕаланар буолан барылҕаннара сүрдээх. Саас, халаан кэмигэр киэҥ сиринэн нэлэһийэллэр.

Итинэн холобурдаатахха, Сүлдьүкээргэ диэри айан суола хаһан түмүктэнэрэ “остуоруйа” эбит.

Манна, анаан-минээн геодезическай, чинчийэр-тургутар үлэлэри ыытыы ирдэнэр.

Муосталары бырайыактааһын – ымпыктаах-чымпыктаах дьыала.

Саха сирин Суолун Пуондата, Сүлдьүкээрдиир суолу тутууга үбү тыырарга, 2020 сыллаахха быһаарыныыны ылынан турар. Онон, дьэ хайаһаллар. Суола-ииһэ суох буолан, дьон, олус диэн эрэйдэннэ. Нэһилиэк да сайдыытыгар харгыстар бааллар.

Станислав Алексеев

Мииринэй куората.