Киир

Киир

Ыам ыйыгар Камчаткаҕа бара сылдьан аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар сийиэстэригэр сылдьыбытым. Онно биир төрүт таҥаһын таҥныбыт, коряк дьахтара кэлэн: “Эн Саха сириттэн сылдьаҕын дуо? Мин иккис дойдум ээ...” – диэн соһуппута.

 

 

Маргарита Анатольевна Килик – Камчатка кыраайын Төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарын төрөөбүт тылларын, литэрэтиирэлэрин уонна култуураларын учууталларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, Елизово куорат оскуолатын нуучча уонна коряк тылларын учуутала.

– Маргарита Анатольевна, эн омуккунан коряк буоллаҕыҥ?

– Мин төрүт табаһыт ыалга төрөөбүтүм. Аҕам Хоянто – таба тиэхиньигэ, ийэм Кытытваль, Чукоткаттан сыдьааннаах, сиэстэрэ этэ. Биһиги оччотооҕу оҕолор сиэринэн интэринээккэ иитиллибиппит. Дьоммут ыстаадаҕа олорор кэмнэригэр наар интэринээккэ олорбуппут, арай сылга биирдэ уоппускаларыгар кэллэхтэринэ, дьиэбитигэр барарбыт. Коряк автономнай уокуругун Пенженскэй оройуонун Манилы сэлиэнньэтигэр төрөөбүтүм, онно улааппытым. Интэринээккэ олорон олох оҕо эрдэхпититтэн бэйэбитин көрөр-истэр, дьаһанар буолбуппут. Киэҥ нэлэмэн туундараҕа көҥүл көччүйэ сылдьыбыт оҕолор бөһүөлэккэ кэлэн, кэлэктиипкэ, уопсайынан, уопсастыбаҕа киирэргэ уһаарыллыбыппыт. Хас сайын ахсын дьоммутугар ыстаадаҕа барарбыт. Оо, дьэ, ол үтүө да кэмнэр этилэр! Сайын хаһан буоларын кэтээн-манаан тахсарбыт. Дьоммутугар күүстээх үлэҕэ илии-атах буоларбыт. Көс олох диэн уустук буоллаҕа. Биһигини дьиэбитигэр олус кытаанахтык ииппиттэрэ, төрүт үгэстэрбитигэр такайыллыбыппыт. Сэлиэнньэттэн кэллэхпитинэ, наар нууччалыы эрэ тыбыырар этибит, ону төрөппүттэрбит уонна саастаах дьон күргүйдээн кэриэтэ төрөөбүт тылбытынан – коряктыы – кэпсэттэрэллэрэ. Инньэ гынан төрөөбүт тылбытын умнубатахпыт.

Миигин уонна балтыбын таба тыһын, түүлээҕи имитэргэ олох кыра эрдэхпититтэн үөрэппиттэрэ. Ийэбит уонна эбэбит төрүт аспытын астыырга, национальнай үҥкүүбүтүн, родовой ырыаларбытын ыллыырга такайаллара. Бэйэм үс оҕобун, төһө да куоракка олордоллор, эмиэ дьонум ииппиттэрин курдук, төрүт үгэстэрбитигэр тирэҕирэн иитэлээбитим. Хомойуох иһин, төрөөбүт дойдубар таба иитиитэ тохтоон, улахан уолаттарым коряктыы билбэттэр, хата, кыра кыыспыт төрөөбүт тылын билэр, олох дьаныһан туран үөрэппиппит.

– Ханна үөрэммиккиний?

– 1992 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка Герцен аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университеты “нуучча тыла, литэрэтиирэтэ, коряк тыла уонна култуурата” диэн идэлээх бүтэрбитим. Бэһис кууруска быраактыкабын барарбар дойдубар кыайан тиийбэтэҕим, ол оннугар Ленинград оскуолаларыгар ааһан, олус элбэҕи билбитим. Оччолорго туохтан да толлубат эбиппин ээ!

– Саха сиригэр хайдах тиийэн хаалбыккыный?

– Биһиги үөрэхпитин бүтэрэн баран, хайаан да 3 сыл Камчаткаҕа үлэлиир эбээһинэстээх этибит, онтубутун төлөһөн баран, кэргэммин уонна икки уолбун кыбыммытынан, хаһан да харахтаан көрбөтөх, түһээн да баттаппатах дойдубутугар – Саха сиригэр – үлэлии барбыппыт. Бастаан Сунтаар улууһун Элгээйитигэр тиийбиппит, онно оскуолаҕа кыайан үлэлээбэтэхпит.

– Бай, тоҕо?

– Сахалыы тылы билбэт буолан, улаханнык эрэйдэммиппит. Элгээйигэ бары сахалыы эрэ кэпсэтэллэр этэ буоллаҕа, оттон эһиги тылгыт олус уустук этэ. Кус-хаас саҥатын курдук ылынар этим. Ол иһин Мииринэй улууһугар Удачнай куоракка миэстэ тахсыбытыгар, аны онно көһөн тиийбиппит. Кэргэним Удачнайдааҕы ХБК үлэлээбитэ, мин 20-с №-дээх Удачнай орто оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан киирбитим.

Кэргэммин кытары Ленинградка билсибиппит, онно бэрт сэмэй, устудьуоннуу уруу киэһэтин тэрийбиппит. Улахан уолбут Питергэ төрөөбүтэ, иккиспит – Камчаткаҕа. Кыыспыт Камчаткаҕа күн сирин көрбүтэ.

– Удачнайга 18 сыл олорбут киһи диэтэххэ, сахалыы син ыаһахтаһар эбиккин дии...

– “Саха сиригэр олорор аата, сахалыы билиэхпин наада” диэн, анаан-минээн куурустарга эҥин сылдьан үөрэммитим. Онон сахатыйан барбытым. Ону ааһан Удачнайга нуучча оҕолоругар саха тылын үөрэппитим ээ...

– Саха сиригэр кэлэн баран туохтан сөхпүккүнүй?

– Тоҕус ыйдаах тоһуттар тымныыларгытыттан, аны кыһыннары күн тахсыбатыттан, аны сайын олох да киирбэтиттэн. Мин Элгээйигэ сылдьан, кыһалҕаттан, сахалыы отур-ботур да буоллар, күннээҕи тыллары быһаарсар, билэр буолбутум. Онтон Миринэйгэ саха тылын кууруһун тэрийбиттэригэр онно баран үөрэммитим уонна саха тылын нуучча тыллаах оҕолорго үөрэтэр бырааптаммытым. Сонно тута саха тылын кэбиниэтин тэрийиигэ ылсыбытым. Сүүрэн-көтөн, АЛРОСАлары кытары дуогабар түһэрсэн, кэбиниэттэнэр буоллум. Миигин Дьокуускайга ыыппыттара, Намҥа тахсан норуот маастардарын кытары кэбиниэт ис бараанын сахалыы оҥорорго кэпсэппитим. Инньэ гынан нуучча тыллаах оҕолор саха тылын үөрэтэллэригэр бэртээхэй усулуобуйаны оҥорбуппут. Мин “Палитра национальных культур” диэн ааптарыскай бырагыраама оҥорбутум, онтубун федеральнай таһымҥа көмүскээбитим. Билигин ити бырагыраамабын аны коряк тылыгар сөп түбэһиннэрбитим уонна ону салгыы олоххо киллэрэбин. Онон Саха сиригэр саха тылын үөрэтиигэ ылбыт баай уопутум тирэх буолар. Саха сиригэр өссө Ленскэйгэ сылдьыбытым. Оччолорго лоп курдук алдьатыылаах халаан кэнниттэн чөлүгэр түһэрэр улахан үлэ бара турара. Саха сиригэр ылбыт уопутум олус элбэҕи биэрбитэ, билигин мин үлэлиир оскуолам федеральнай таһымнаах инновационнай былаһаака быһыытынан үлэлиир. Мин Саха сиригэр иитэр үлэҕэ саабыстаабытым, ол салайар уопутум билиҥҥэ диэри туһалыы сылдьар. Саамай сүрүнэ – сахалыы билбэт оҕолорго тылы үөрэппит уопутум туһалаабыта. Камчаткаҕа көһөн кэлэн баран, коряк тылын факультатибын тэрийбитим. Онно тылларын билбэт коряктар, нууччалар астына-дуоһуйа үөрэнэллэр.

– Билигин эһиэхэ төрөөбүт тылы үөрэтии туруга хайдаҕый?

– Билигин Камчатка кыраайыгар, ол иһигэр Коряк уокуругар, төрөөбүт тылы үөрэтии факультатив эрэ быһыытынан барар. Коряк, эбээн, чукча уонна ительмен тылларын үөрэтэллэр. Биллэн турар, факультатив баҕалаахтарга эрэ ыытыллар, онон тылы үөрэтиини толору туһаммаппыт. Аны туран, факультатив сүрүн уруоктар кэннилэриттэн араспысаанньаҕа саамай бүтэһик турар, онон оҕолор сүрэҕэлдьээн да сылдьа сатаабаттар. Улахан дьоҥҥо бэйэбит күүспүтүнэн тыл куурустарын ыыта сатыыбыт. Мин тэрийбит Ассоциациям маннык тылы уонна култуураны үөрэтии кулууптарын, сүрүннээн, саҥа таһымҥа таһаарарга үлэлэһэр.

 

– Ханнык тыл ордук хобдох балаһыанньалааҕый?

– Саамай уустук балаһыанньалаах – алеут тыла. Суос-соҕотох алеуттуу тылы билэр киһи ордон хаалла, онтубут 70 сааһын туолан эрэр. Бу Салехардка буолан ааспыт бүтэһик сийиэскэ алеуттары кытары кинилэр тыллара өлөн эрэрин туһунан боппуруоһу көтөхпүппүт. Хомойуох иһин, маннык балаһыанньа ительмен тылыгар эмэ тирээн эллэ. Билигин ительмен тылын үөрэтиини Тигильскэй оройуон Ковран сэлиэнньэтин оскуолатыгар факультатив быһыытынан тэрийдибит, онно оҕолор эрэ буолбакка, улахан дьон эмиэ сылдьаллар. Маны таһынан кыраай киин куоратыгар, Крашенинников аатынан киин бибилэтиэкэҕэ ительмен тылын билэр Виктор Рыжков бэйэтин баҕатынан тэрийэн ыытар. Үһүс хобдох туруктаах тылынан эбээн тыла буолар. Билигин эбээн тылын сөргүтээри Быстринскай оройуоҥҥа факультатив тэрийдибит.

 

– Учууталлар, учуобунньуктар бааллар дуо?

– Коряк уокуругар учуутал баар. Ол эрээри билигин аны 5-8 сылынан учуутал суох буолар кутталлаах, сэбиэскэй кэмҥэ үөрэммит эрэ учууталлар үлэлии сылдьаахтыыллар. Паланатааҕы педколледж алын кылаас учууталларын бэлэмниир, оттон Герцен университетын Хоту институтугар биһигиттэн бэрт аҕыйах оҕо киирэр. Дьэ, бу – сүрүн кыһалҕабыт. Мин Камчаткатааҕы ускуустуба колледжыгар этнограф устудьуоннарга “Родные языки Севера” диэн кууруһу ааҕабын. Бу Арассыыйаҕа суос-соҕотох бэлэмнэнии (пробный) кууруһа. Онно үөрэнэр 5 устудьуон төрөөбүт тылын үөрэтэр бырааптаах уһаарыллан тахсыахтаах. Онтубут, биллэн турар, бэрт кыра, тиийбэт буоллаҕа. Хата, төрөөбүт тылларга учуобунньук тиийэр, онтубутун сыллата саҥардан, хос бэчээттиибит.

– Төһө чаас көрүллэрий?

– Төрөөбүт тыллары үөрэтиигэ чааһы эрэгийиэннээҕи компоненынан быһаараллар. Учууталлар эбии чааһы туруорсаллар да, билигин СКЭ, ОГЭ эҥин буолан, биэрбэттэр. “Баар чааскытынан тот сылдьыҥ” дииллэр.

– Төрөөбүт тыл учууталын аатын-суолун хайдах үрдэтиэххэ сөбүй? Онно туох санаалааххын?

– Мин санаабар, бастатан туран, хамнаһын үрдэтэн көҕүлүөххэ наада. Билигин төрөөбүт тыл учууталын ноҕурууската олус кыра, инньэ гынан хамнаһа эмиэ быыкаа. Төрөөбүт тыл учуутала бэйэтин баҕатынан, этэргэ дылы, аҥаардас энтузиазмынан эрэ факультативтары, куурустары тэрийэн муҥнанаахтыыр. Онуоха көмө-тирэх буолан, эбии хамнастыыр ньыманы оҥоруохха наада. Холобура, мин төрөөбүт сэлиэнньэбэр төрөөбүт тылы үөрэтэр бырааптаах 3-4 педагог баар, кинилэр үөрэтии мэтиэдьикэтин билэллэр. Ол эрээри коряк тылын факультатибын тылы отой да билбэт учуутал үөрэтэн муҥнанар... Суһаллык аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар тылларын үөрэтэр учууталлары бэлэмниир былааннаах, чопчу үлэни тэрийиэххэ наада. Онуоха Герцен института эрэ буолбакка, эһиги ХИФУгут сүрүн былаһаакка буолуон сөп. Эһигиттэн эбээн тылын учууталын көрдөөбүппүт да, бэйэҕитигэр тиийбэт буолан, биэрбэтэхтэрэ. Аны туран, төрүт тылларын үөрэтэр оҕолорго судаарыстыба өттүттэн идэҕэ туһаайар үлэ күүскэ барыахтаах, кинилэргэ судаарыстыбаттан, мэссэнээттэртэн бириэмийэ эҥин олохтонуохтаах. Тоҕо эрэ инновационнай технологияларга уһаарыллар оҕолорго бэрэсидьиэн таһымынан көҕүлүүллэр дии, оттон биһиги хотугу оҕолорбутугар тоҕо кыаллыбатый?

140df222 8b40 4c7c bc53 e70f1bfc806f

– Ассоциацияҥ туһунан кылгастык кэпсиэҥ дуо?

– 2019 сыл ахсынньытыгар Герцен университетыгар норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыбытым. Онно атын эрэгийиэн учууталлара ассоциация тэринэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьалларын туһунан элбэхтэ истибитим. Ол иһин былырыын муус устарга “Ассоциация учителей родных языков, литературы и культуры коренных малочисленных народов Севера Камчатского края” диэни тэрийбитим. Онно учууталлар, түмэл, этнокииннэр үлэһиттэрэ, Коряк уокуругуттан, Быстринскай оройуонтан (эбээн) уонна Командор арыыларыттан (алеуттар) тылы билээччилэр киирбиттэрэ. Сүрүн сыалбыт-сорукпут – аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт омуктар тылларын сайыннарыы, харыстааһын, былаастар болҕомтолорун тардыы, учууталлары түмүү, кинилэр идэлэрин таһымын үрдэтии, көҕүлээһин. Хара маҥнайгыттан бырайыактыыр үлэҕэ ылсан күүскэ үлэлээбиппит. Былырыын куукула тыйаатырдарын күрэхтэһиитигэр Елизово куорат 2-с №-дээх осуолатын уонна тулаайах оҕолор интэринээттэрэ коряк, эбээн, чукча остуоруйаларын туруоран, кыайан тахсыбыппыт. Быйыл “Центр развития родных языков коренных народов Камчатки “В'аняв'” (“Разговор”)” диэн бырайыакпытын үлэлэтэбит. Билигин уһуйаан уонна алын кылаас оҕолоругар лотуоҕа майгынныыр “Яян'а” (“Дом”) диэн оонньуубутун сөргүтүүгэ уонна коряк тылын үөрэтиигэ грант суруйан бэлэмнээтибит. Коряк уокуругун учууталларын кытары ыкса сибээстээх үлэлиибит. Кулун тутарга эбээннэр түөлбэлээн олорор Эссо уонна Анавгай сэлиэнньэлэригэр (Быстринскай оройуон) эбээннии билэр дьону кытары көрсүһүүнү тэрийбиппит, онно тыл кыһалҕатын көтөхпүппүт.

Мин салайааччы быһыытынан дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт тылынан кэпсэтиини сайыннарарга анаан ылсан үлэлэһэбин. Елизово куоракка коряк уонна ительмен тылларын үөрэтэр кулууптар үлэлииллэр. Бэйэм уопуппунан дьоҥҥо холобур буола сатыыбын. Кэргэним – эмиэ коряк. Иккиэн чавчувен диалегынан холкутук кэпсэтэбит, дьиэбитигэр 9 саастаах кыыспытын кытары кэпсэтэбит. Хас өрөбүл ахсын коряк тылын кууруһугар сырытыннарабын. Кыыспытыгар табалаах коряктар үгэстэрин, төрдүн-ууһун билиһиннэрэбит.

– Былаастаргыт өйүүллэр дуу?

– Дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт тылынан кэпсэтиини өйүүргэ диэн кыраай Үөрэҕин министиэристибэтигэр тахсыбыппыт. Вице-күбүрүнээтэр П.Е. Ясевичка төрөөбүт тылларбытын хайдах сайыннарыахха, харыстыахха сөбүн туһунан кэккэ этиилэрдээх киирбиппит, онуоха “бырайыакта оҥоруҥ, харчынан өйүөхпүт” диэбиттэрэ. Күбүрүнээтэрбит Владимир Викторович Солодов биһиги этиилэрбитин куруук өйүүр, урут олох наадыйбат буолаллара. Онон билиҥҥи былааспытыттан улахан өйөбүллээх курдук сананан олоробут, ол аата тылларбытын тутан хааларбытыгар эрэл кыыма баар.

Дмитрий ИВАНОВ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар