Киир

Киир

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ быйыл бастакы куурустары уопсайга олохтуурга бэлэмнэнии үлэтэ күүстээхтик бара турар. Устудьуоннар куораттарыгар бастакы куурустарга анаан 1660 миэстэ көрүллүбүт.

Уопсайга ылыыга сайабылыанньаны уонна электроннай докумуоннары атырдьах ыйын 16-25 күннэригэр хомуйаллар. Быйыл туох баар докумуоннары абитуриент тус кэбиниэтинэн ылаллар. Бастакы кууруска быйыл киирбит оҕолор уопсайга киирэргэ сайабылыанньаны атырдьах ыйын 16 күнүгэр дылы биэриэхтээхтэр. Оттон магистраннар уонна аспираннар атырдьах ыйын 25 күнүгэр дылы биэриэхтээхтэр. Атырдьах ыйын 24 уонна 31 күннэригэр кимнээх уопсайга хапсыбыттара бирикээһинэн бигэргэниэхтээх. Ол кэнниттэн тута ХИФУ килииньикэтигэр тиийэн мэдэссиинэ көрүүтүн ааһыахтаахтар. Уопсайга олоруу иһин саатар биир семестр төлөбүрүн төлүөхтээхтэр.

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар