Саха сиригэр бу сыл бүтүөр диэри “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн 6 саҥа уһуйаан тутуллуохтаах. Ити туһунан үөрэх министиэристибэтэ суруйар.
Ол курдук, саҥа уһуйааннар Алдан Солнечнайыгар, Нам Кириэс Кытылыгар, Дьокуускай Новопортовскойдааҕы түөлбэтигэр, Уус Алдан Бороҕонугар, Өлүөхүмэ куоратыгар уонна Амма Өнньүөһүгэр дьэндэйиэхтэрэ.