Киир

Киир

Быйыл биэнсийэлээхтэргэ уонна байыаннай сулууспалаахтарга биир кэмнээх көмө төлөбрүн оҥоруохтара.

Бэҕэһээ Владимир Путин "Биир ньыгыл Арассыыйа" баартыйа бэрэстэбиитэллэрин кытары көрсүһүүгэ биэнсийэлээхтэргэ 10-нуу ты. солк. төлүүргэ этии киллэрбитэ. Кини "Мин санаабар, ыйдааҕы биэнсийэҕэ көрбүт 1 тыһ. солк.эбиибит быыкаа. Онон "Биир ньыгылга" Дуумаҕа кэлэллэригэр ити боппуруоска ылсаргытыгар уонна быйыл 10 тыһ. солк. биир кэмнээх көмөнү оҥороргутугар көрдөһүөм этэ", - диэн эппит. Бу көмө үлэлээбэт да, үлэлиир да биэнсийэлээхтэргэ барыларыгар тиксиэҕэ. Оттон байыаннай сулууспалаахтарга 15 тыһ. солк. көмө көрүллүөҕэ.

 

Санааҕын суруй