Киир

Киир

Эрэгийиэни салайар Киин (ЦУР) Кэбээйи улууһугар чаҕылҕантан сүөһү маассабайдык өлүүтүн туһунан иһитиннэриини сымыйа диэн иһитиннэрэр.

Сииттэ нэһилиэгэр 26 сүөһү өлүгүн булбуттар, 52 төбө сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллаллар.

"Сорох СМИлэргэ 200 сүөһү чаҕылҕантан өллүлэр диэн иһитиннэрбиттэрэ олоҕо суох буолан таҕыста. Сүөһү өлүгэ аҕыйах. Биричиинэтэ - өрт уота, чаҕылҕан да, этиҥ да буолбатах", - диэн иһитиннэриигэ суруллар. Сииттэҕэ уопсайа 444 сүөһү баар эбит, билигин 366 хаалбыт (сураҕа суох сүппүттэри аахпакка туран). Маны таһынан сүппүт сылгылары көрдүүллэр. Кэбээй улууһугар 349 сылгы баар, билиҥҥитэ 50 сылгыны тыыннааҕын буллулар.

Өлбүт кыыллары ТХС кэмпэнсээссийиэлиэҕэ. Онуоха "Экоферма Туймаада", "Хорообут", "Тумул", "Хатастааҕы сибиинньэ комплекса", "Сибирь" уонна "Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика" тэрилтэлэртэн ылыахтара. Маны таһынан, эһиил племенной сүөһүнү тастан аҕаларгэ үлэлэһиэхтэрэ.

Санааҕын суруй