Киир

Киир

Хоруона хамсыгын бохсор өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаабы салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина брифинг кэмигэр хамсык балаһыанньатын билиһиннэрдэ.

Кини билигин элбэх оҕо ыалдьарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Стационарга да, таһыттан да эмтэнээччи элбэх. Маны таһынан, ыраах нэһилиэктэргэ ыарыы кимэн киирэр. Холобур, Өлүөхүмэ улууһугар суола-ииэһ суох Маачча, Чапаево курдук кыра нэһилиэктэргэ, Чурапчыга Одьулуунугар элбэх киһи ыалдьыбыт. Хаҥалас улууһун кыра нэһилиэктэригэр ыалдьыбыт эмиэ элбээтэ. Кыра нэһилиэктэргэ ФАП эрэ баар буолан, ыарыһаҕы эмтиир быдан ыарахан. Онон Ольга Балабкина  "вакцинаны ылыҥ" диэн сүбэлээтэ. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 418 555 вакцина кэлбит, онтон 69,4 бырыһыанын  туһаммыттар. Билигин бары балыыһаларга "Спутник V" уонна "Спутник Лайт" вакциналар бааллар. "Спутник Лайт" вакцинаны сүрүннээн ревакцинация быһыытынан биэрэллэр. Билигин медүлэһиттэргэ маассабайдык ревакцинациялыыллар, бу күннэргэ социальнай тэрилтэ үлэһиттэригэр биэрэн саҕалыахтара.

Өйүүн саҥа үөрэх дьыла саҕаланар. Бүгүн Ил Дархан ыйааҕынан оскуолдалар очнайдык үөрэнэллэр диэн буолбут, ол эрээри балаһыанньа ыараатаҕына, муниципалитет бэйэтин быһаарыытынан дистанционнайга көһүөхтэрэ. Билии күнэ таһырдьа буолуоҕа, онуоха төрөппүттэрэ суох ыытыллыаҕа. Оскуолаларга санитарнай-эпидемиологическай миэрэлэри күүскэ тутуһалларын ирдииллэр. М буолуохтаахтар.

Сэҥээриилэр

Bobby
0 Bobby 01.09.2021 03:58
Asking questions are really nice thing if you are not
understanding anything entirely, except this post provides fastidious understanding yet.


My website: สล็อต777ฟรีเครดิต50: https://Okwin77.com/%E0%B8%AA%E0%B8%A5%E0%B9%87%E0%B8%AD%E0%B8%95777-%E0%B8%AA%E0%B8%A5%E0%B9%87%E0%B8%AD%E0%B8%95%E0%B9%80%E0%B8%84%E0%B8%A3%E0%B8%94%E0%B8%B4%E0%B8%95%E0%B8%9F%E0%B8%A3%E0%B8%B550/
Ответить
Gilda
0 Gilda 01.09.2023 03:29
Attractive section of content. I just stumbled upon your website and in accession capital to assert that
I get in fact enjoyed account your blog posts. Any way I will be
subscribing to your feeds and even I achievement you access consistently rapidly.


Here is my page; สล็อต777: https://okwin77.com/
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар