Дьокуускай куораттааҕы балыыһа өрт уотун бохсууга баҕа өттүлэринэн кыттыбыт 615 киһиэхэ босхо диспансеризацияны ыытыаҕа. Бу туһунан балыыһа пресс-сулууспата кэпсиир.
"Ил Дархан ойоҕо Людмила Николаева көҕүлээһининэн 615 волонтерга диспансеризация ыытыллыаҕа. Онно Арассыыйа федеральнай медико-биологическай ааҕыныстыбатын мэдэссиинискэй этэрээтэ (ФМБА) көмө буолуоҕа. Этэрээккэ терапевт, эндокринолог, офтальмолог, отоларинголог, невролог уонна орто медперсонал киирсэр", - диэн балыыһа сүрүн бырааһа Светлана Давыдова кэпсээбит.
Билигин балыыһаҕа диспансеризацияны ыытарга бэлэмнэнэллэр. ФМБА этэрээтэ алтынньы бүтүөр дылы үлэлиэҕэ.