Киир

Киир

Ил Дархан Айсен Николаев ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ тохтоотоҕуна булт көҥүллэниэн сөбүн туһунан инстаргамҥа кэпсээтэ.

“Эр киһи быһыытынан, күһүҥҥү абылаҥнаах булду чугастык ылынабын. Ойуур баһаардарынан сибээстээн биллэриллибит ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ бу күннэргэ уһуллан, булт көҥүллэниэҕэ”, -- диир кини.

Айсен Николаев этэринэн, булт туһунан ыйытааччылар икки бөлөххө хайдыбыттар. Саха сирин олохтоохторо, чуолаан улуус дьоно, хаһан көҥүллэнэрин ыйытар эбит буоллахтарына, москубалар “кыылы-сүөлү өлөрүмэҥ, айылҕаны харыстааҥ” диэн туруорсаллар эбит.

“Булду, сүрүннээн, Саха сиригэр хаһан даҕаны сылдьыбатах, биһиги сиэрбитин-үгэспитин билбэт дьон утарар. Ити курдук күҥҥэ сүүһүнэн киһи суруйар. Биири этиэм этэ – биһиги норуоппут былыр-былыргыттан бултаан-алтаан кэлбитэ, биһиги айылҕаны харыстыыбыт, хаһан даҕаны сиэри таһынан, тыһыынчанан кыылы-көтөрү өлөрбүппүт суоҕа.

Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимин биллэрэр судургу буоллаҕына, ону көтүрэр уустук, күчүмэҕэйэ элбэх. Онон аҕыйах күнү тулуйа түһүҥ.

Күндү бар дьонум, барыгытын ийэ айылҕабытыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга ыҥырабын! Булчут-алчыт дьоммутугар Баай Байанай тохсойдун!” – диэн Ил Дархан кэпсээтэ.