Удачнай куоратыгар баар "Полярнай" аэропордун саҥардыы бастакы түһүмэҕэр 2,8 млрд солк. көрүллүөҕэ. Бу туһунан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтататын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Онно 2022 сыл олунньутуттан 2024 сыл алтынньытыгар дылы көтөр балаһа, уотунан сырдатар сэрэтэр тэрил, уотунан хааччыйыы эбийиэктэрэ тутуллуохтара. Онуоха 2,8 млрд солк. федеральнай бүддьүөттэн үбүлүөхтэрэ. Маны таһынан, билигин аэропорт инбэлиит эҥин дьону таһарга ханнык да ирдэбилгэ эппиэттээбэт, онон ону уларытар сорук турар. Маны таһынан аэропортка барар суолу тутар былааннаахтар уонна 1985 сыллаахха тутуллубут хочуолунайы саҥардыахтара. Бу аэропорт 40-тан тахса сыл дьону уонна таһаҕаһы тиэйэн кэллэ. Алмаас хампаанньаларыгар уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, дьоҥҥо-сэргэҕэ наадалаах аһы-үөлү, таһаҕаһы тиэрдиини хааччыйар. Бу эбийиэк мэдэссиинэ уонна социальнай көмөнү оҥорорго сүҥкэн суолталаах. Мантан Москубаҕа, Красноярскайга, Иркутскайга, Мииринэйгээ уонна Дьокуускайга быһа көтүүлэр оҥоһуллаллар. Бу аэропортка АЛРОСА авиахампаанньа түһүлгэлэнэн олорор.