Маркетолог Леонид Эверстов инстаграмҥа сирэйигэр "Якутия" авиахампаанньа эриэйсэтигэр буолбут түгэни кэпсээтэ. Авиахампаанньа 3 чаас көтөргө айанньыттары итии аһынан хааччыйбаппыт диэн быһаарбыт. Ол эрээри, айанньыттар Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумтан көтөн испит дэлэгээссийэ кыттыылаахтарын эрэ аһыппыттарыттан наһаа соһуйбуттар.
"Миэхэ бу түгэни доҕотторум кэпсээбиттэрэ. Биһиги чунуобунньуктарбыт Владивостоктан көтөн испиттэр. Ил Дархан биисинэс кылааһынан көппүт, кинини кытары мээр, тоҕо эрэ, экэниэм кылааһынан көппүт. "Якутия" маннык кыра ыырдаах эриэйсэҕэ аһаппаппыт диэн эппит. Билиэт сыаната 21 тыһ. солк.! Биисниэс-кылааска, биллэн турар, аһаппыттар. Ол эрээри, экэниэм кылааска көтөн испит дэлэгээссийэ кыттыылаахтарыгар ас таһааран аһаппыттар, атыттар сырааннара сүүрэ-сүүрэ ымсыыран олороохтообуттар. Кинилэр эмиэ ас аҕалыахтара диэн сэмээр кэтэһээхтээбиттэр да, чунуобунньуктар аһаан бүтээттэрин кытары салон иһигэр уоту ылан кэбиспиттэр. Топпут дьон мип-минньигэтик утуйаахтаабыт. Мээрбит үс кириэһилэни соҕотоҕун сабардаан олорбут. "Якутия" бу түгэни хайдах кэммэнэттэрийдиирэ эбитэ буолла?", - диэн сөҕөн кэпсээбит.