Өрт уотуттан эмсэҕэлээбит Горнай улууһун Бэс Күөлүн чөлүгэр түһэрии салҕанан барар.
Бу күннэргэ Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика үлэһиттэрэ 20 мисэтэлээх хотону ИП "Максимова Н.Г" тутан киилэрдилэр. 6 киһилээх биригээдэ хотон тутуутун балаҕан ыйын 2 күнүгэр саҕалаабыта. Онон Максимовтар кыстыкка этэҥҥэ киирэргэ толору эрэллээхтэр. Маны таһынан, ТХМ Максимовтарга умайбыт отторун уйунуох буолбут. Бу иннинэ Жирковтарга 10 төбөҕө, Федоровтарга 24 төбөҕө анаммыт хотоннору тутан бүппүттэрэ.