Аллараа Халыма киинигэр — Черскэй бөһүөлэгэр саҥа уһуйааны үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Бу туһунан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
Саҥа таас , тупсаҕай тутуулаах уһуйаан 75 миэстэлээх. Тэрилтэ "Северянка" уһуйаан филиалынан буолар. Онно оҕо баппакка, таһынан баран, ханнык да ирдэбилгэ эппиэтээбэккэ турбут кыһалҕа тирээбитэ. Онуоха бэрэсидьиэн 3-7 саастаах оҕолорго уһуйааннарга уочараттары суох оҥорууга туһуламмыт сорудаҕынан саҥа уһуйааны тутан киллэрдилэр.