Нэлээт үрэҕэ («Черная речка») – Оччугуй Ботуобуйа уҥа салаата. Бу – Сунтаар улууһун арҕааҥҥы эҥэрэ.
Былыр бу сиргэ геологтар таба тайана иликтэринэ уонна Оччугуй Ботуобуйа ыраас эрдэҕинэ, ааттаах бултаах-алтаах сир этэ. Улахан үрэхтэн балык арааһа тахсара, систэригэр тайах ньирэйдэнэрэ, бөчүгүрэстэрэ, ыалыкылара, куртуйахтара, улардара... Аны көлүкэлэригэр, сээннэригэр куһун элбэҕэ. Уулаах отон, сугун сиэдэрэй “көбүөрдүү” ыраахха диэри тэлгэнэллэрэ. Ол букатыннаахтык эстэн турар.
Арай биир уларыйыыбыт диэн – Мииринэйтэн Дьокуускай диэки барар “А331-Бүлүү” федеральнай айан суола манан тыргыллар. Оттон Нэлээт үрэх федеральнай айан суолугар сытар, 1.141+370-с км. кэрдиис сирэ.
Таҥнары өттүгэр, Оччугуй Ботуобуйа ыксатыгар, саас туох да сүрдээҕин халаанныыр барылҕаҥҥа кубулуйар.
ССРС кэмигэр туппут күргэлэрэ эргэрэн уу кимиитин тулуйбат, сорунуулаах өрөмүөнү эрэйэр буолла.Быйыл «Сунтааравтодор» тэрилтэ күүһүнэн Нэлээт үрэх күргэтэ кэмниэ-кэнэҕэс өрөмүөннэнэр.Тиэхиникэ арааһа тоҕуоруйар: бульдозер, экскаватор. Былдьаһыктаах күннэри баттаһа күргэ тутуутун үгэнэ.Үлэ элбэх.Муоста болдьохтоох кэмигэр үлэҕэ киириэ диэн эрэнэбит.
Станислав Алексеев, Мииринэй куората.