Киир

Киир

Биэнсийэлээхтэргэ олус сотору эбии харчы эрэгийиэн пуондатыттан түһэрин туһунан бассаап ситимэгэр араас хабааннаах иһитиннэрии күүлэйдии сылдьар. 

Уһук Хоту 15 сылтан итэҕэһэ суох, уопсайа 20, 25 сыл үлэ ыстаастаах дьоҥҥо индексация көрүллэр диэбиттэр. Ону региональнай бүддьүөт уйунар диэн "чопчулаабыттар".
Эбиитин федеральнай бүддьүөт ханнык да кэмнээҕэр бөҕө, бигэ, уопсайынан харчы кырдьаҕастарга биэрэргэ баар диэн "тумалаабыттар".


Онуоха эбии кырдьаҕастарга аналлаах бу "үөрүүлээх сонун" туһунан кэккэ интэриниэт таһаарыылар  суруйа оҕустулар. 
Мин Мииринэйдээҕи Пенсионнай управлениеҕа төлөппүөнүнэн эрийэ сырыттым. Бу дьикти-дьиибэ сонун туһунан токкоолостум. Кырдьык дуу, сымыйа дуу диэн.
Онно Пенсионнай управлениеттан дьэҥкэ эппиэт бэрилиннэ  -- бу сиикэй сурах. Ханнык да эбии төлөбүрдэр биэнсийэлээхтэргэ көрүллүбэттэр. Индексация суох!

Арай 2022 сыл тохсунньутугар үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ, ол сыл атырдьах ыйыгар, билигин да үлэлии сылдьар биэнсийэлээхтэргэ индексация көрүллэр диэтилэр.
Бу иһитиннэриини өрөспүүбүлүкэ Биэнсийэтин пуондатыгар төлөппүөнүнэн эрийэн бигэргэттэрдим.
Доҕоттор, араас социальнай ситимнэринэн тарҕанар, эбии биэнсийэ харчыта субу сотору  кэлиитин туһунан дойҕоххо итэҕэйимэҥ.
 

Станислав Алексеев, Мииринэй куората.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар